Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Николаев Савелий Леонтьевич

РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, «Орден Отечественной войны 2 степени» кавалера, “За победу над Германией”, “За победу над Японией» бойобуой мэтээллэрдээх.
1926 сыллаахха Өргүөт нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Тойоку сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэ киирбитэ.
Сэрии бастакы сылларыгар 1941-1942 с.с. училищеҕа үөрэммитэ.Оччотооҕу аас-туор олох сабыдыалынан, дьоно да кыайан үөрэттэрэр кыахтара суох буолан, үөрэҕин ситэ бүтэрбэккэ, 1943 -44 с.с. Тоҥуо Кууну начальнай оскуолатыгар 2-3 кылаастарга учууталынан педагогическай үлэтин саҕалаабыта.
1944 сыллаахха бэс ыйын 18 күнүгэр сэриилэһэр армияҕа ыҥырыллыбыта. 2 Прибалтийскай фронт 91-с стрелковай полкатыгар сэриилэспитэ, ол сылдьан Латвияҕа биир кимэн киирии кэмигэр ыараханнык контузияламмыта, 4-ый госпитальга эмтэммитэ.
1945 сыл олунньутугар арҕааттан илин Читинскэй уобаласка кэлбитэ. Ол бириэмэҕэ Японскай милитаристар арбаммыт Квантунскай армиялара Манчужирияны оккупациялаан, Советскай Союзка кутталы үөскэппит кэмнэрэ буолан, сонно тута 552 нүөмэрдээх гвардейскай отдельнай сапернай батальон састаабыгар киллэрбиттэрэ, онон Аргунь өрүс биэрэгин уллуҥаҕынан мээрэйдии сылдьан, Улуу Кыайыыны көрсүбүтэ.
Кини сулууспата итинэн түмүктэммэтэҕэ, ыам ыйын саҥатыттан 1949 сылга диэри Забайкальскай фронт 7573, 7572 нүөмэрдээх байыаннай чаастарыгар служебнай ыттары үөрэтээччинэн, кэлин штабка суруксутунан сылдьан, демоблизацияламмыта. Онон уопсайа 5-сыл сулууспалаан, «Германияны Кыайыы иһин», “Японияны Кыайыы иһин”мэтээллэрдээх уонна Главнокомандующай Генералиссимус И.В.Сталин бирикээһинэн Махтал Суруктаах дойдутугар эргиллэн кэлбитэ.
Савелий Леонтьевич 1949 сылтан төрөөбүт үөскээбит Тойокутун оскуолатыгар учууталлыыр үлэтин саҕалаабыта. Кини начальнай кылаастарга 24 сыл, физкультура, труд учууталынан 5 сыл, продленнай группаҕа иитээччинэн 6 сыл үлэлээн баран, 41 сыл үлэ ыстаастаах 1984 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.
1953 сыллаахха Бүлүүтээҕи педучилищены кэтэхтэн ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. 1969с Тойоку оскуолатыгар бастакынан РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгунун аатын ылбыта. Кыра кылаастарга уһуннук үлэлээн, оҕолор психологияларын, майгыларын үчүгэйдик билэрэ,онон үөрэнээчилэригэр туспа сыһыаннааҕа. Саҥаны-сонуну кэрэхсээн, үөрэтэр-иитэр үлэтигэр киллэрэргэ дьулуһара. Кэккэ сылларга кыра кылаастар учууталларын методическай холбоһуктарын салайбыта, эдэр коллегаларыгар күүс көмө, үтүө сүбэһит этэ.
Үлэтин таһынан нэһилиэнньэҕэ төрөппүттэр ортолоругар араас темаҕа бэсиэдэлэри тиһигин быспакка ыытара. Сүрүн болҕомтотун ыччаты патриотическай тыыҥҥа иитиигэ туһаайара оччотооҕу кэм ирдэбилинэн. Бииргэ үлэлиир коллегаларын, нэһилиэнньэ, оройуон общественноһын да ортотугар убаастабылынан туһанара.Кырдьаҕас учуутал үөрэппит сүүһүнэн оҕолоруттан аҕыйаҕы аҕыннахха, Мария Николаева- Саха Республикатын, Россия үтүөлээх артыыһа, Н.К. Шамаев- педагогическай наука кандитата, И.Г. Степанова-английскай тыл учуутала, Р.П. Былбанаева-хаһыат редактора о.д.а.
Кэргэнинээн Елена Тарасовналыын 37 сыл эйэ дэмнээхтик олорон, 5 оҕону төрөппүттэриттэн 4-дэ үрдүк үөрэхтээхпит, икки кыыһа аҕабытын утумнаан, үөрэҕирии эйгэтигэр 30-40 сыл үлэлээбит үлэ бэтэрээннэрэбит.
Аҕабыт сэрии, үлэ бэтэрээнэ ыарахан ыарыыттан ахсынньы 11 күнүгэр 1991сыллаахха олохтон туораабыта.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.