В 1941 сыл атырдьах ыйыгар бастакынан аармыйаҕа Сөдүөт Реев ыҥырыллыбыт. 117-с аармыйа састаабыгар киирсэн, өстөөхтөртөн Москва куораты көмүскэспит. Салгыы Курскайга сэриилэһэ сырыттаҕына, 1942 сыллаахха кыргыһыы аттыгар миинэ дэлби тэппитигэр, 12 сиринэн бааһырбыт. Ити сыл Федот Романович өлбүтүн туһунан «хара сурук» кэлбит. Ол эрээри соһуччу түгэн буолбут. Аҕам Арамаан убайа өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитин кэнниттэн, өлбүт буойуннарга байыаннай комиссариат килиэп карточкатын уонна 92 солкуобай босуобуйа харчытын ыла Покровскайга киирбит. Арай байыҥкамаакка киирбитэ, көхсүтүнэн Сөдүөт турар эбит! Аҕам үөрэн, хаһытыы түспүт. Убайа эргиллэн, быраатын кууһан ылбыт. Кэпсэтэ түһээт, «ийэбэр баран этэ охсуом», диэн Нөмүгүгэ убайын иннинэ сүүрбүт. Дьиэтигэр киирэн: «Сөдүөтү көрүстүм, тыыннаах эбит!» — диэбит. Киэһээ убайдара кэлэн, улахан үөрүү буолбут. Кини госпиталга сыппыт эбит. 2-с группалаах инбэлиит буолан, Албан аат III степеннээх уордьаннаах «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн дойдутугар эргиллибит. Сэрии кэнниттэн Покровскайдааҕы ОПХ-ҕа оҕуруотчутунан үлэлээбитэ, Москваҕа ВДНХ-ҕа тиийэн, «РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Биэс оҕо амарах аҕата 1978 сыллаахха күн сириттэн барбыта.
Реев Федот Романович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.