1942 сыллаахха Лэгэнтэй(Иннокентий) Реев сэриигэ аттанар. Орел куораты көмүскээһиҥҥэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, соҕотоҕун хаалбыт. Арай көрдөҕүнэ, ньиэмэстэр өлө сытар байыастары ыстыыгынан анньыалыы иһэллэр эбит. Лэгэнтэй ыксаан, икки өлбүт байыаһы үрдүгэр тардынан сыттаҕына, немецтэр ыстыыгынан анньан ааспыттар, кинини ыстыык таарыйбатах. Онтон атахтар тыастара сүппүттэрин кэннэ, туран дьонун көрдүү барбыт. 1943 сыллаахха Курскай Тоҕой сэриитигэр кырыктаах кыргыһыыларга сэриилэспит. Бу манна ыараханнык бааһыран, госпитальга киирбит. Дойдутугар эргиллэн кэлээт, «Ленин» аатынан холкуоска хонуу биригэдьииринэн анаммыт. Кини «Албан аат III степеннээх» уонна «Аҕа дойду сэриитин I степеннээх» уордьанынан, «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Реев Иннокентий Романович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.