18 сааһын туола илик Арамаан(Роман) Реев 1944 сыллаахха сэриигэ барбыт. Кытай кыраныыссатын туораан, Халхин-Голтан Хинган сис хайаларын унуордаан, Харбин куоратыгар тиийбит. Ол иһэн сэбиэскэй саллааттары сүһүрдээри өстөөх хайа иһигэр бактериологическай сэрии сэбин оҥорор сирдэрин урусхалласпыт. Кыайыы күнүн Чунгун куоракка көрсүбүт. Онно дьоппуоннары кытта сэриигэ төбөтүгэр бааһыран, Мугден куорат госпиталыгар эмтэммит. Дойдутугар 1948 сыллаахха эргиллэн кэлбит. 52 сыл устата дойдутугар электригинэн үлэлээбитэ. 1-кы Дьөппөнтөн төрүттээх Евдокия Мартынованы кэргэн ылан, сэттэ оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн, ийэбинээн дьоллоохтук олорбуттара. Аармыйаттан кэлэригэр «За Победу над Японией» мэтээлинэн, “Аҕа дойду сэриитин II степеннээх”, «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Аҕам дьоһуннаах кылаата сыаналанан, Орджоникидзевскай оройуонун уонна Нөмүгү нэһилиэгин Бочуоттаах гражданинын аата иҥэриллибитэ.
Реев Роман Романович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.