Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Васильев Николай Дмитриевич

Кэргэннии Татьяна Афанасьевна,Николай Дмитриевич Васильевтар аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаланарыгар 12 саастаах буоланнар, Томпо улууһугар Охотскай перевозка 2 Алдан нэһилиэгэр, өрүскэ балыксыттар артыалларыгар үлэлээбиттэрэ. Күүстээх-уохтаах эдэр эр дьоннор бары сэриигэ бараннар оҕолор,кырдьаҕастар буолан үлэлээбиттэрэ.”Тугу барытын фроҥҥа,барытын кыайыы туһугар”диэн кытаанах санаалаах,сырдык ыралаах ыарахан үлэни тулуйан, былааннарын толороллоро.Эдэркээн ийэбит оҕолуу намчы илиилэринэн балыктыыр илимнэрин оҥосторго, дьонун таҥастарын абырахтыырга,артыал үлэһиттэрин аһатарга, өссө кыра балтын көрөн-харайан, барытыгар тэҥҥэ сылдьан, тыылга ыарахан үлэни көрсүбүтэ.Ийэлэрэ Даайа, балта 2 саастааҕар өлөн, балтыттан түөрт эрэ сыл улахан да буоллар, ийэтин кэриэтэ кыһамньылаахтык көрөн-харайан балтын улаатыннарбыттара. Эрдэ тулаайах хаалан,ийэ истиҥ тапталын билбэккэ, дьахталлартан үөрэнэн иистэнньэҥ бэрдэ,үлэһит үтүөтэ буолбут. Аҕата Охонооһой эмиэ балыксыт,булчут этэ.Соҕотоҕун сэрии кэмигэр үс кыыһын хоргуйууттан быыһаабыта.Уола Баһылай сэриигэ бастакы ыҥырыыга баран Берлиҥҥэ тиийэ хорсуннук сэриилэһэн, бааһырдар даҕаны,этэҥҥэ дойдутугар эргиллэн кэлэн дьоллоох олоҕу олорбута. Бу Алдаҥҥа бастакы барыыларыгар сүөһү үүрэн илдьэн кыстаппыттар эбит.Онтон салҕыы балыксытынан үлэлии хаалбыттар.Бултаабыт балыктарын тууһуурга туус илиилэрин быһа сиирин,тымныы ууга үлэлиир ыараханын кэпсиирэ. Бу кэмҥэ Алдаҥҥа аҕабыт эргиччи тулаайах 13-тээх уол балыксыттар артыалларыгар үлэлээбит. Тулаайах буолан сэрии ыар кэмин өссө ыараханнык аһарбыт.Үтүө санаалаах дьон көмөтүнэн, бэйэтэ айылҕатынан сүрэхтээх,үлэһит буолан үлэлээн дьон тэҥинэн улааппыт,сиппит.Онтон трактористар курстарыгар үөрэнэн бүтэриэҕиттэн араас тракторынан үлэлээбитэ.Кыһынын от-мас тиэйиитэ, сайынын оттооһун. Техникаҕа сыһыамах буолан трактор,техника күүһүн кыахтаахтык туһанан нэһилиэгин олоҕор-дьаһаҕар тутаах үлэһит буолбута.Сэрии бүппүтүн кэннэ 1950 сыллаахха сүрэхтэринэн сөбүлэһэн,окко түспүт оҥоһууларынан ыал буолан дьоллоох олохторун оҥостубуттара.Икки оҕолонон дойдуларыгар Тааттаҕа көспүттэрэ.Бастаан Чычымахха олорбуттар,ийэбит үүт собуотугар үүт тутааччынан,арыы маастарынан үлэлээбит.1957с.Дьохсоҕоҥҥо көһөннөр, аҕабыт трактористаан, ийэбит дьааһыла аһыллан онно үлэҕэ киирэн,пенсияҕа тахсыар диэри эҥкилэ суох этэҥҥэ үлэлээбитэ.Ийэбит Татьяна Афанасьевна “Тыыл бэтэрээнэ” ытык ааты ылар чиэскэ тиксэн И.В.Сталин, Г.К.Жуков мэтээллэринэн, “Тыылга хорсун үлэтин иһин”, “Килбиэннээх үлэтин иһин” уонна улуу Кыайыы үбүлүөйүн мэтээллэринэн наҕараадаланар үөрүүнү билбитэ.Онтон аҕабыт Николай Дмитриевич дьылҕа-хаан ыйааҕынан эдэр сааһыгар олохтон туораабыта.Онон кини тыылга оҕо сылдьан үлэлээбит сыралаах үлэтэ сыаналамматаҕа.
Төрөппүттэрбит сэрии кэмигэр сэрии ыар содулун билэн, тыыл ыарахан олоҕун оҕо,эдэр саастарыгар этэҥҥэ туораабыттара. Күн сирин көрдөрөн, күндү чыычаахтарын оҕолорун,улаатыннарар аналлара тардан харах уулаах улуу Кыайыыны бар дьоннуун тэҥҥэ үөрэ көрсүбүттэрэ.
Оҕолоро улаатаннар, идэлэнэн эмиэ төрөппүттэрин курдук үлэни өрө тутар, үтүө үлэһит аатын ыланнар оҕолоро,сиэннэрэ дьоннорун ааттатар үлэ-үөрэх дьоно.Улуу Кыайыы күнүн көрсө хос-хос-хос сиэннэрэ күндү дьонноругар сүгүрүйэн махтаналлар,дьоллоох олоҕу кинилэргэ бэлэхтээбиттэригэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.