Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Егорова (Васильева) Евдокия Иннокентьевна

Мин 1938 сыллаахха “Булуук” колхозка киирбитим. 1940 сыллаахха Түөлбэ5э “Прожектор” колхозка холбоспуппут. 1941 сылга диэри колхозка хонуу үлэтигэр үлэлээбитим. 1941с. бииргэ төрөөбүт икки убайым сэриигэ барбыттара. 1942с. кэргэним уонна икки убайым сэриигэ барбыттара. Ол барбыт биэс киһиттэн ким да эргиллибэтэҕэ. Кэргэним Чымыев Трофим Михайлович уонна убайым Васильев Федор Иннокентьевич өлбүттэрин туһунан биллэрии кэлбитэ. Васильев Руф Иннокентьевич, Васильев Трофим Иннокентьевич, Елисеев Алексей Иннокентьевич (ыалга иитиллибит) эмиэ сэрииттэн төннүбэтэхтэрэ. Дьоннорум барбыттарын кэннэ ферма үлэтигэр киирбитим. Фермаҕа уопсайа 15 сыл үлэлээбитим. Биирдии бэйэбит 15-тии ынаҕы ыырбыт, ону таһынан субай сүөһү бостууктуурбут. Уопсайа 30-тан тахсалыы сүөһүнү көрөрбүт. Оччотооҕу ферма үлэтэ олус түбүктээх этэ. Бары үлэтин бэйэбит эргиччи толорорбут. Дьиэбитигэр киэһэ тиийэн, бурдук тардан лэппиэскэлээн сиир бит. Сэрии кэмигэр “За трудовую доблесть” мэтээлинэн наҕараадаламмытым. Чымыев Трофим Михайловичтан 1942 сыллаахха Розалия диэн кыыс оҕолонмутум. Розалия 6 оҕолоох. Сэрии кэнниттэн трудовой фронҥа сылдьыбыт Ньурба киһитигэр Егоров Семен Егоровичка кэргэн тахсан икки уол уонна икки кыыс оҕолоохпун.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.