Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьанынан наҕараадаламмыта. Бэс ыйын 21 күнүгэр 1942 с. армияҕа ыҥырыллыбыта. Молотовскай уобаласка Вержет лааҕырга тиийэн, 19-с хайыһар биригээдэтин пулемётнай взводугар түбэһэн, 1943 с. олунньу 23 күнүгэр диэри кытаанах эрчиллиилээх үөрэҕи бүтэрэн, фроҥҥа барар.
48 көһү хайыһарынан айаннаан Ильмень күөлгэ тиийбиттэр. Борисовка дэриэбинэни ньиэмэстэн ылар бирикээһинэн атаакаҕа киирэн, үгүстэрэ ууга тыыннаахтыы тимирэн, сорохторо эрэ ордон, соруктарын толороллор. Салҕыы Устирик диэн дэриэбинэни босхолууллар.
26-с Сталинскай дивизияҕа 87-с Карельскай полкаҕа 3-с ротатыгар 2 ыйтан ордук үөрэнэн ефрейтор званиетын ылар.
1943 с. атырдьах ыйын 18 күнүгэр Новгородскай уобалас Старай Русса диэн куораты босхолууллар. Ыараханнык бааһыран, инбэлиит буолан, 1944 с. дойдутугар эргиллэн кэлэр.
Ирина Петровнаны кэргэн ылан 3 уол оҕолонор, сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
Аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит Семен Дмитриевич сырдык кэриэһин, кыайыыны уһансыбыт хорсун быһыытын умнубакка, үйэтэн үйэҕэ махтана туруохпут.
Лазарев Семен Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.