Герой Советского Союза.
А.А.Миронов 1912 сыллаахха Үөһээ-Бүлүү улууһугар Кэнтик нэһилиэгэр Батастаах диэн өтөххө төрөөбүт. Ийэтэ Ефросинья, аҕата Егор Харчаков Кэнтик киһитэ этэ. Кэлин Алексей кыра эрдэҕинэ ийэтэ Миронов Афанасий диэн киһиэхэ кэргэн тахсан, Алексей аҕалаанын араспаанньатын ылбыт. 1924 сылаахха Мастаах ситэтэ суох оскуолатын 6-с кылааһын бүтэрэн, салгыы үөрэммэтэх, Колхоз суотчутунан, кэлин совет секретарынан үлэлээбитэ. Кэлин ЦСУ инспекторынан үлэлии сылдьан, балаҕан ыйын 3 күнүн 1941 сылгар Советскай Армияҕа ыҥырыллан барбыт. 1942 с олунньу 18 күнүттэн сэрии инники кирбиитигэр 1291 стрелковай полкаҕа снайперынан, 110 стрелковай дивизия 33 армия Арҕаа фронугар сылдьыбыт. Алексей Миронов бастакы фашиһын 1942 сыл ыам ыйын 4 күнүгэр өлөрбүтэ «Күннэтэ инники кирбиигэ хаамабыт. Өстөөҕү көтөрдөөҕөр кыраҕытык кэтиибит» диэн кини 1942 сыл ыам ыйын 20 күнүгэр суруйар.
1944с ыл саҕаланарыгар А.Миронов 180 фашиһы өлөрбүтэ, эбии икки бойобуой орденынан наҕараадаланар. «Герой аатын ситиһэргэ! Өлүөм биитэр санаабыт санаабын булгуччу ситиһиэм!»- диэн суруйар, кини дьонугар.
1943 сыл бэс ыйын 26 күнүгэр Алексей Миронов командованиетыттан Советскай Союз Геройун аатын ыларга сахалартан бастакынан түһэриллибитэ. Оборона Министерствотынааҕы архивка маннык докумуон баар. « … Гвардия сержант Алексей Афанасьевич Миронов в полку с 18 февраля 1924 года. Отличный стрелок-снайпер товарищ Миронов, охотясь за немцами, вкладывает в свое дело много выдумки и инициативы. Неоднократно с риском для жизни он вызывал гитлеровцев из укрытий и затем расстреливал их. В наступательных операциях, находясь постоянно на самых ответственных участках боя, проявил самоотверженность, смелость и находчивость. В мартовских наступательных боях в районе деревни Ермолинка Миронов засел в 100 метрах от дороги, по которой двигалась колонна немцев. Огнем из винтовки убил 15 фашистов и посеял среди врагов панику, в результате чего они обратились в бегство. Всего на своем снайперском счету он имеет 123 истребленных фашистов. Отличаясь трудолюбием, исполнительностью и в высшей степени добросовестным отношением к порученному делу, Миронов из рядовых бойцов полка подготовил 13 отличных стрелков – снайперов. За короткий срок ученики Миронова уничтожили 65 фашистов. За проявление в боях мужество и смелость, находчивость он награжден орденом Красной Звезды и медалью «За отвагу». Товарищ Миронов, проявивший в боях геройство, самоотверженность и преданность Родине, достоин присвоения звания Героя Советского Союза»
ЦАМО СССР, ф.33,оп.682526,д.821,Л 245.
Приказом командующего Алексей Миронов был награжден орденом Отечественной войны первой степени.
Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.
ВКП(б) чилиэнэ, автоматчиктар взводтарын командира, гвардия сержана А.А.Миронов 1945 сылаахха кулун тутар 30 күнүгэр ылбыт бааһыттан өлбутэ. Кини көмүс уҥуоҕа Венгрияҕа Немешкерестур дэриэбинэҕэ көмүллэ сытар. Советскай Союз Геройа А.А.Миронов олорбут дэриэбинэтигэр Балаҕаччыга боруонсаттан кутан оҥоһуллубут бюст памятник туруоруллубута. Ветераннар уонна геройдар ааттарын үйэтитэр мемориальнай дуоскалар төгүрүйэлэригэр тыыннаах сибэккини үүннэрэн, бүөбэйдээн нэһилиэк кырдьаҕастара түмсэн сылын аайы сылаас сыһыаннарын уураллар.
Миронов Алексей Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.