“За доблестный труд в Великой отечественоой войне 1941-1945 гг.” уордьаннаах, “Тридцать лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.”, “50 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.” мэтээллэрдээх.
1942-1943 сыллаах кыстыкка “Бойобуой” колхуос тулаайах хаалбыт о5олорго анаан көһүүгэ барбыт “Күүһү түмүү” колхуос икки көмүлүөк оһохтоох улахан нуучча дьиэтигэр дьааһыла аспыт. Онно эбээм Анна Николаевна уонна Маайа Кынаачыйаба буолан үлэлээбиттэр.
Эбэм хоһуун үлэһит эбит. Ол курдук Баайаҕаҕа сылдьан кыһынын оҕуһунан соҕотоҕунн от, балбаах тиэйэрэ үһү. Колхуоска ыанньыксытынан, арыыһытынан, ыһыы-от үлэтигэр барытыгар бастыҥ үлэһит эбит. Ол туоһутунан “Бойобуой” колхуос дьахталларыттан маҥнайгынан “Аҕа дойду сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин” Сталин мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
Эбэм 1936 с. Пономарев Петр Петровичка кэргэн тахсыбыт. Кэргэнэ 1941 с. Москва аннынааҕы кыргыһыыга сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Эбэм икки оҕолоох огдообо хаалбыт.
Онтон 1947 с. эһэбэр Захаров василий Николаевичка кэргэн тахсар, 4 оҕолоноллор.
Эбэм 75 сааһыгар 1990 с. Кыайыы 45 сылынан сэрии огдооботун быһыытынан Саха сирин делегациятын састаабыгар киирэн, Герой куораттарынан сылдьан күүлэйдээн кэлбитэ.
Олоххо дьулуурдаах, тулуурдаах, киэҥ ыраас дууһалаах, үчүгэйи эрэ ырыҥалыыр олус үлэһит ийэбит, эбэбит олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыбыт.
Пономарева Анна Николаевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.