Колхуоска биир төһүү үлэһит быһыытынан биллибитэ: от-мас тиэйиитигэр, ыанар ынах, субан сүөһү бостуугунан үлэлээбитэ. Хаста да Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыспыта.
1943 с. бэс ыйын 3 күнүгэр улахан уолунаан Ньукулайдыын сэриигэ ыҥырыллыбыттара. Забайкальскай байыаннай уокурукка аттары көрөр, сэриигэ бэлэмниир собуокка 1945 с. күһүнүгэр диэри үлэлээбитэ. Ол сыл алтынньыга дойдутугар эргиллибитэ. Колхуос, сопсуос үлэһитэ буолбута.
“Германияны кыайыы иһин”, ” АДУС сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Яковлев Дмитрий Петрович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.