Оскуолаҕа 7 кылааһы үөрэнэн бүтэрбитэ. 1940 с. Ленинскэй комсомол чилиэнэ буолбута. Ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, налоговай агенынан, комсомольскай тэрилтэ сэкирэтээринэн үлэлээбитэ.
1943 с. бэс ыйын 3 күнүгэр аҕатынаан сэриигэ ыҥырыллыбыта. I Белорусскай фронт 1315 стрелковай полкатыгар автоматчик. 1944 с. олунньу 8 күнүгэр тоҥолоҕун уҥуоҕун үлтү ыттаран, госпиталга 5 ый эмтэммитэ, доруобуйата улаханнык эмсэҕэлээн, ити сыл сайын бэс ыйыгар дойдутугар демобилизацияланан эргиллэн кэлбитэ.
1955 сылтан ССКП чилиэнэ буолбута. Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын кадрдарын (ортоку сүһүөх салайааччыларын) бэлэмниир оскуоланы бүтэрбитэ. Үлэтин отделение управляющайынан саҕалаабыта, 1969 сылтан Мэлдьэхси нэһилиэгин сельсоветын исполкомун председателинэн талыллан үлэлээбитэ.
Яковлев Николай Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.