1. 30 лет Победы 1941-1945 г.г.
2. 25 лет победы.
3. 50 лет Вооруженных сил С.С.С.Р.
4. 60 лет Вооруженных сил С.С.С.Р.
5. 70 лет Вооруженных сил С.С.С.Р.
6. Ударник коммунистического труда 1966 г.
7. Знак Отличника Социалистических Соревнований 1972г.
8. Знак победителя Социалистических Соревнований 1973-1979 г.г.
9. Знак ударника 10 пятилетки.
10. Орден Народной Отечественной Войны 1985г.
11. Медаль ветерана труда 1986 г.
12. Звание “Почетный Гражданин Кобяйского улуса” 1995 г.
13. Знак “Фронтовик 1941-1945” г.г.
Четвертаков Алексей Михайлович
Подразделение Саперы
Кулун тутар ый 26 күнүгэр 1926 с. Саха АССР Нам улууһугар төрөөбүт. Кини аһата паарынан үлэлиир локомотивын Хачыкааттан Намҥа 1925с. аһалсан маҥнайгы электричество уотун сандаарыспыт, бурдук тардар миэлиҥсэни оҥорсубут үтүөлээх киһи эбит. Алексей Нам оскуолатын сэттэ кылааһын бүтэрэн баран, маҥнай почтаҕа сурук таһааччынан, онтон паарынан улэлиир бурдук тардар миэлиҥсэҕэ, кэлин Кыһыл дэриэбинэҕэ үүт собуотугар үлэлээбитэ. Манна үлэлии сылдьан бэйэтин өйүнэн сыыры оҥоруу мындырдарын баһылыыр. Сэппэрээтэрдэммит үүтү сылытан, онтон аһытан баран иэдьэгэйин (простокваша) иҥнэри остуолга кутан уутун сүүрдэр. Сыворотканы төттөрү ылан мас халыыпка таптайан баран, 15 хонукка ампаарга, сөрүүн сиргэ сытыарар, сыыр тахсан кэллэҕэ ити. Сити курдук улэлээн, сэрии кэмин маҥнайгы сылын, кини ыарахаттарын улахан дьону кытта тэҥнэ сүксэр.
Сааһын сиппит, эдэркээн нуучча уолун 1944 с. Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр ылаллар, манна кини миинэни иитэр – өһүлэр сапер идэтигэр үөрэнэр. Мантан аллара сэрии бэтэрээнэ Алексей Михайлович кэпсээнин истиэҕиҥ)
“1945 сыл атырдьах ыйыгар 15 хонуктаах сындал5аннаах, сатыы бохуот о4орон Японияны утары сэрии толоонугар тиийдибит. Сатыы сэриини таацканы утары противопехотная, противотанковая японецтар ииппит миинэлэрин булан өһүлүүгэ сырыттым. 12 буолан икки толоону миинэттэн ыраастаабыппыт, миноискателэ суох сылдьыбыппыт. Сатыы сэриини утары иитиллэр японецтар миинэлэрэ мас хаалаах буолар, онон миноискатель кыайан булбат, туһалаабат да этэ. Хайыахпытый, хараҕынан эрэ көрдөөн, көрөн буларга тиийбиппит. Таҥканы утары иитиллэр миинэ улахан тэриэлкэ саҕа буолар. Ыйааһына 3-5 кг курдук, 20-30 см дирицнээх буорга көмөн иитэллэр. Ы йааһына чэпчэки, онон үктээтэххинэ даҕаны эстибэт буолан абырыыр, оттон тааҥка үрдүнэн бардаҕына, дьэ дэлби тэбэр, күүһэ сүрдээх, тааҥка тиһилигин быһа тэбэр. Тааҥканы бэйэтин тиэрэ тэбиэн да сөп, оттон иһигэр олорор дьону дөйүтэр дииллэр.
Миинэ иитиллэн көмүллэ сытар сирэ бэлиэ буолар, киһи хараҕынан көрөн сэрэйэр. Буор, сир кырса тыытыллыбытын, үүнэн турар от имиллибитин таба көрүөххүн наада. Миинэни булуу, өһүлүү мээнэ дьыала буолбатах, ол эрээри биһиги 12 сапердар соругу сүтүгэ суох этэҥҥэ толорбуппутуттан билигин да үөрэбин, хайа баҕарар түгэҥҥэ сыыһа туттуоххун, салгыҥҥа да көтүөххүн сөп этэ эбээт, – диир сэрии бэтэрээнэ.
Алексей Михайлович саллаат синиэлин 1950 эрэ сыллаахха устубут, онтон бэттэх куруук, 39 сыл устата сибээскэ үлэлээбит.
Биир дойдулаахпыт сырдык аатын кэриэстиибит.
Четвертаков Алексей Михайлович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.