Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Тарский Николай Николаевич

Тарскай Николай Николаевич 1923 сыл балаҕан ыйыгар Түүлээх нэhилиэгин «Хаттыгы» учаастагар күн сирин кѳрбүтэ.
Ийэтэ Тарская Матрена Ниловна, а5ата Ушницкай Николай Васильевич. Бииргэ тѳрѳѳбүт алтыа этилэр, биэс уол, биир кыыс.
Уус – Алдан оройуонун Түүлээх, Танда Мүрү оскуолаларыгар үѳрэнэн сэттэ кылааhы бүтэрбитэ.
Николай Николаевич 1941 сылтан 1943 сылга диэри Түүлээх нэhилиэгин «Хаттыгы» диэн холкуоhугар үлэлээбитэ.
1943 сыл атырдьах ыйыгар Советскай армияҕа ыҥырыллан Монголия норуодунай республикатыгар үргүлдьү тиийбитэ. Онно 17-с армия 34-дорожнай полкаҕа связь ротатыгар сулууспалаабыта. Ыйтан ордук бириэмэҕэ тимир суол оҥоhуутугар 20-чэ саха уола буолан взвод командира младшай лейтенант Ивелев командирдаах 1943 сыл алтанньы ыйга дылы үлэлээбиттэрэ.
1945 сыл атырдьах ыйыгар дылы 46 отдельнай дорожнай батальоҥҥа регулировщигынан сылдьыбыта.
1945 сылга Япония сэриитигэр кыттыыны ылбыта. Ити сэрии бириэмэтигэр Улахан Хинганы туорааhын иhин Верховноглавнай командующайыттан И.В. Сталинтан 2 төгүл махтал ылбыта.
1946 сыл атырдьах ыйын 21 күнүгэр дылы 30 отдельнай мотоциклетнай Хинганскай полкаҕа связист, автоматчик буолбута.
1947 сыл тохсунньу 29 күнүгэр дылы 6-с гвардейскай мотострелковай Венско-Мугденскэй, Краснознаменнай орден Суворова, Кутузова полк мотострелковай батальон 1-ы стрелковай ротатыгар пулеметчик этэ.
1947 сыл «Гвардия» аата иҥэриллибитэ.
Монголия норуодунай республикатыгар киномеханниктар курстарыгар үѳрэнэн баран, онтон ыла хас да чаастарга киномеханнигынан үлэлээбитэ.
1948 сыл кулун тутар ыйга демоблизацияланан дойдутугар эргийэн кэлбитэ.
Бииргэ тереебут икки убайдара Миитэрэй уонна Баhылай 1942 сыллаахха сэриигэ баран эргиллэн кэлбэтэхтэрэ. Улахан убайа Ниил тылга улэлээбитэ, эдьиийэ Настаа Таатта оройуонугар кэргэн тахсан олорбута. Быраата Бүөтүр Бороҕонно олохсуйбута.
Сэрии кэнниттэн 1950 сыллаахха олоҕун аргыһын Готовцева Матрена Егоровналыын холбоһон, 7 оҕону күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кэргэнэ эрдэ өлөн оҕолорун бэйэтэ атахтарыгар туруоран, үөрэхтээх үтүө – мааны дьон оҥортообута. Элбэх сиэннэрдээх, хос сиэннэрдээх.
Наҕараадалара:
Орден «Отечественная война»
Медаль имени Г.Жукова 1896-1996 гг.
Медаль за Победу над Германией
Медаль за Победу над Японией
Медаль ознаменовании 30-й годовщины Советской Армии и флота 1918-1948 гг.
Медаль за долголетний добросовестный труд «Ветеран труда СССР»
Нагрудной знак «Гвардия»
Нагрудной знак «Фронтовик»
Нагрудной знак «Отличник Кинематографии СССР» уо.д.а.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.