Биһиги аҕабыт Романов Георгий Павлович 1917 сыллаахха Мэҥэ улууһун I Мэлдьэхси нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэртэн үһүө буолан улааппыттара, биһиги аҕабыт саамай кыралара этэ. 6 саастааҕар ийэтэ өлөн, аҥардас аҕаҕа иитиллибитэ.
Бииргэ төрөөбүт убайдара Иван Павлович, Герасим Павлович Романовтар Аҕа дойду Улуу сэриититтэн эргиллибэтэхтэрэ, кинилэр ааттара Майаҕа баар Улуу Кыайыыга аналлаах мемориальнай комплекска суруллан тураллар. Биһиги аҕабыт доруобуйатынан сэриигэ ыҥырыллыбатаҕа. Аҕабыт сэрии кэмигэр куоракка балык собуотугар бухгалтерынан, Суолаҕа Калинин аатынан холхуоска кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбитэ. Сэрии бүппүтүн кэннэ «1941-1945 сылларга Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Аҕабыт Калинин аатынан холхуоска (Моорук Суолата), онтон бөдөҥсүйбүт «Коммунизм» холхуоска (Суола, Табаҕа, онтон кэлин Өлөчөй, Бүтэйдээх киирэллэрэ) кылаабынай бухгалтерынан уонна бухгалтерынан өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
Кэлин пенсияҕа тахсыар диэри саҥа тэриллибит 875 №-х ПМК (передвижная механизированная колонна) диэн тутуу тэрилтэтин Табаҕатааҕы учаастагар бухгалтерынан үлэлээбитэ. Уһун сыллар усталарыгар үрдүк таһаарыылаахтык кылаабынай бухгалтерынан уонна бухгалтерынан үлэлээн тыа хаһаайыстыбата, тутуу сайдалларыгар бэйэтин кылаатын киллэрбитэ.
Аҕабыт тыыл, үлэ ветерана этэ.
Романов Георгий Павлович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.