Трифонов Михаил Андреевич I Мэҥэ-Хаҥаласс улууһун Моорук нэһилиэгэр 1893 сыллааха төрөөбүтэ. Сааһын ситиитэ үрдүк уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, эр киһилии кэрэ сэбэрэлээх буола улааппыта. Кинини сахалыы Улахан Мэхээлэ диэн ааттыыллара.
Эдэр сааһыттан сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, тылын ылыннарар саҥалаах-иҥэлээх киһи этэ. Дьоҥҥо истиҥ-иһирэх сыһыаннааҕа. Үлэни-хамнаһы тэрийэр улахан талаанааҕа. Хара да үлэни көрөн турбат этэ, кыттан иһэрэ, кыайыгас этэ. Олоҕун устата дьон туһугар кыһаллан, бэйэтин уонна чугас кэргэттэрин даҕаны умнан туран холхуос туһа диэн күргүөмнээх үлэ үөһүгэр сылдьыбыта.
Сэрии сылларыгар Мэҥэ-Хаҥалас райкома Михаил Андреевиһы I Иккис Баатараҕа 60-ча киһитэ хоргуйан өлбүт, эстэн эрэр «Сталинец» («Өргөөннөөх») холкуоска бэрэсэдээтэлинэн анаабыта. Кини кэлиэҕиттэн хоргуйан өлүү тохтообута.
Кэлин Баатара кырдьаҕастара ол сэрии улахан кыһалҕалаах сылларын ахтыһа олорон махтанан этэллэрэ үһү: “Улахан Мэхээлэ Күн Айыы Таҥара биһигини быыһата ыыппыт киһитэ. Кини кэлбэтэҕэ буоллар биһигиттэн үгүспут өлбүт буолуо этэ».
Махталлаах Баатаралар музейдарыгар Улахан Мэхээлэҕэ аналлаах өйдөбүнньүк туруобуттара. Онно кини умсулҕаннаах, түбүктээх олоҕу олорон ааспыта көрдөрүллэр.
Саха биллэр суруйааччыта Иннокентий Сосин кини туһунан «Бар дьон махтала – күндү» диэн кинигэни суруйбута.
Трифонов М.А. I Баатара уонна Моорук нэһилиэктэрин бар дьонун тылын номоҕор үтүө аатынан билиҥҥэ диэри ахтыллар.
Трифонов Михаил Андреевич I
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.