Кэрэ киһи туһунан санаа, өйдөбүл күнтэн күн, сылтан сыл ааһан истэҕин аайытын өссө сырдаан, тупсан, дириҥээн иһэр. Орто дойдуга букатын кэлбит суох, ол эрэн чахчыта, киһи үйэтэ кини сирдээҕи олоҕун суолунан уһуур. Хомойуох иһин, ким эрэ суола симэлийэ сүтэр, оттон сырдык киһи аартыга көлүөнэттэн көлүөнэҕэ үтүө аата ааттанан, ыллыктанан өспөт, салҕанар.
Киһи сааһыттан тутулуга суох, ийэтэ баарын тухары – оҕо. Биһиги эмиэ орто сааспытын ааһыахпытыгар дылы ийэбит барахсан баар буолан оҕо курдук сананан, эрэх-турах сырыттахпыт. Хантан кэллиҥ да ийэҥ аттыгар олорон, кэпсэтэн, үөрэн-көтөн салгыы бардахпыт ол. Олус сырдык, ыраас, аанньал дууһалаах этэ биһиги ийэбит. Ааттыын, тас көрүҥүнэн, быһыытынан-майгытынан, чахчы да эриэккэс киһи этэ.
Ийэбит Марфа Николаевна Саввина 1924 сыллаахха 1-кы Чочу нэһилиэгэр төрөөбүтэ, ол гынан баран кыра оҕо эрдэҕинэ Харбалаах Тоҥуулааҕар иитиллибитэ. Сэттэ кылааһы үөрэнэн бүтэрэн баран, Үөһээ Бүлүүгэ киирэн счетовод курсугар үөрэммитэ. «Сэрии кэмигэр холкуоска счетоводунан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ комсомольскай тэрилтэ секретарынан талыллан нэһилиэк эдэр ыччатын түмэн оборона фондатыгар куобах тириититтэн үтүлүк, бэргэһэ, кээнчэ тигэн туттарарбыт», – диэн биһиэхэ кэпсиирэ. Кини эдэр сааһа сэрии ыар-аччык кэмнэригэр ааһан, кыаммат-түгэммэт дьоннорго элбэхтик көмөлөһөрө. Киирбит ыалдьыты, ким да буоллун, чэйдэппэккэ таһаарбат этэ, сорох-сорохторун илии тутуурдаах ыытара. Биһиги кыра эрдэхпитинэ дьиэбит иһэ толору ыалдьыт, хоноһо буолара.
Биһиги ийэбит ойуурга сылдьарын, сир аһын хомуйарын олус сөбүлүүр этэ. Биһигини, кыра оҕолору, уонна уулуссабыт оҕолорун барыларын ойуурга сир астыы илдьэ сылдьааччы. Сибэккини олордорун наһаа сөбүлүүр этэ. Дьиэбит түннүгэ барыта араас сибэккинэн киэргэнээччи. Таһырдьаттан көрдөххө наһаа үчүгэйдик көстөр буолааччы. Кини олорон турбат үлэһит, ханнык баҕарар ыарахан үлэттэн толлон турбат этэ. Биһигини эмиэ үлэттэн толлубат, чаҕыйбат гына иитэлээбитэ.
Биһиги ийэбит өр кэмҥэ атыы-эргиэн тэрилтэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Ол туоһутунан «Отличник Советской потребительской кооперации» диэн знагынан, элбэх грамоталарынан наҕараадаламмыта. Кини тыылга бэриниилээх үлэтин иһин 1946 сыллаахха «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта, онтон «Ветеран труда» мэтээли 1977 сыллаахха ылбыта.
Кыыһа Семенова-Золотарева Галина Степановна
Марфа Николаевна бэйэтин ахтыыта: «Мин, Саввина Марфа Николаевна, 1924 сыллаахха төрөөбүтүм. Сэрии саҕаланарыгар 16 саастаах этим. Холкуос салайааччылара уонна эдэр үлэһит дьоннор сэриигэ барбыттара. Бары оҕо-дьахтар, оҕонньоттор хаалбыппыт. Ол барбыттарын кэнниттэн биир ыйдаах счетовод куурсугар кууруска Үөһээ Бүлүүгэ үөрэммитим, онтон холкуоска счетоводунан үлэлээбитим. Ол үлэбитинэн биһиги муҥурдаммат этибит. Сайынын от хомууругар, күһүнүн бурдук сынньыытыгар үлэлиирбит. Түүннэри-күнүстэри сылдьарбыт. Комсомольскай тэрилтэ секретара этим.
Ас-таҥас тиийбэт этэ. Күҥҥэ 400 грамм лэппиэскэнэн суукканы туораан үлэлиирбит. Онон олус тоҥо-тоҥо хам аччык сылдьан үлэлиирбит. Copox биирдиилээн дьоннор аччыктааннар үлэттэн туоруур түгэннэрэ эмиэ элбэх буолар этэ.
Сэрии тиһэх сонуннарын күннэтэ аайы сельсовет председателэ кэрийэ сылдьан кэпсиир этэ. Оборона фонугар үтүлүк, бэргэһэ, кээнчэ куобах тириитинэн тигэн ыытарбыт. Биирдиилээн ыаллартан ньуоскуну, биһилэҕи, үрүҥ манньыаты хомуйан ыытарбыт. Армияҕа барбыт дьонноохтор туохтарын да кэрэйбэккэ көмөлөһөллөр этэ.
Сэрии буолбатын туһугар заем булгуччулаах сурутуу буолар этэ (ыйдааҕы хамнаһы биэрэрбит) уонна байыаннай нолуок диэн эмиэ түһээн түһэр этэ.
Биһиги эрэйдэммиппит, аччыктаабыппыт курдук ыар кэмнэр сиэннэрбитигэр иккиһин эргиллибэтин туһугар баҕарабын. Сэрии хаһан да буолбатын! Ийэ-оҕо аймамматын!»
Тыыл бэтэрээнэ Марфа Николаевна Саввина наҕараадалара: «Ударник коммунистического труда», «Ветеран Великой Отечественной войны», «Отличник советской потребительской кооперации», медаль «Ветеран труда», медаль «За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.», юбилейные медали: «30 лет», «40 лет», «50 лет Победы в ВОВ 1941-1945 гг.», Знак «Ветеран тыла», медаль «Медаль материнства» I и II степени.