Буойун-учуутал Афанасий Михайлович Фомин 1920 сыллаахха Чурапчы оройуонун Хадаар нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Кыhыл Армияҕа 1943 сыл от ыйыттан 1945 сыл ахсынньытыгар диэри Илиҥҥи фроҥҥа сулууспалаабыта. Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа. Забайкальскай фронт 64-с стрелковай дивизиятын 336-с полкатын сержана. «Японияны кыайыы», «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Икки бииргэ төрөөбүт убайдара Василий уонна Петр Арҕаа фроҥҥа хорсуннук сэриилэhэн, бааhыран, инбэлиит буолан кэлбиттэрэ. Афанасий Михайлович 1941 сыллаахха Чурапчытааҕы педучилищены, 1950 сыллаахха Дьокуускайдааҕы пединституту бүтэрбитэ. Сэрии иннинэ, сэрии кэнниттэн учууталынан, оскуола дириэктэринэн, улуус хаһыатыгар отдел сэбиэдиссэйинэн, Райисполком солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн, Рабочком бэрэссэдээтэлинэн, Лесопуун начаалынньыгынан Чурапчы, Булуҥ, Нам оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Таһаарыылаах үлэтин иһин Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Президиумун Бочуоттаах грамотатынан, онтон да атын үгүс биһирэбиллэринэн наҕараадаламмыта. Сэбиэскэй, партийнай, профсоюзнай, хаһаайыстыбаннай үлэһит, салайааччы, сэрии уонна тыыл, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Кэргэнэ, сэрии, тыыл, үлэ фронун уонна үлэ бэтэрээнэ, «Аҕа дойду Улуу сэриитин 1941-1945 сылларыгар килбиэннээх үлэтин иhин», «Ийэ албан аата» 2-с истиэпэннээх мэтээллэрдээх, СӨ «Гражданскай килбиэн» Бочуоттаах бэлиэтэ, онтон да атын наҕараадалардаах. Акулина Петровна Фоминалыын (1930-2012) алта оҕону төрөтөн, иитэн, барыларын үрдүк үөрэхтээх, үтүө үлэһит, ыал оҥорбуттара. Кинилэр олохторо оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр салҕанар.