Биһиги эһээбитин бэс ыйын 6 кунугэр 1941 сыллаахха 26 саастаагар повестка тутан сэриигэ барар. Кини I Белорусскай фронна 18 артиллерийскай полкага 1018 стрелковай полкага сэриилэспитэ.
1942 сыллаахха 76 мм пушканан вооруженияга киирбит, “Орудие победы” диэн ааты ылбыт.
1943 сыллааххаа Брянскай фронна Савнеково диэн дэриэбинэгэ пулеметнай расчету 76 мм артиллериятынан суох онорбут. Ол иьин атырдьах ыйын 21 кунугэр “Хорсунун иһин” диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт.
1944 сыллаахха алтынньы 27 куннээги №132 бирикээьинэн “Кыһыл сулус” орденынан наҕараадаламмыт.
1945 сыллаахха тохсунньу 16 кунугэр Подуховы диэн дэриэбинэни немецтартан босхолуур контр-атакага немецтар пулеметнай точкаларын, солдаттарын уонна офицеры суох онорон Правительственнай нагараадага “Кыьыл сулус” орденна Тохсунньу ый 29 кунугэр сурук туьэрбиттэр.
1945 сыллаахха олунньу ый 5 кунугэр “Албан аат” 3 степеннээх орденынан нагараадаламмыта. Германияны кыайыы иьин мэтээллээх.
Гаврил Иванович кыайыыны Кенигсберг куоракка көрсубут. Биир сыл куораты харабыллаан хаалбыт, дойдутугар 1946 сыллаахха эргиллэн кэлбитэ.
Биһиги эһээбитинэн, хос эһээбитинэн киэн туттабыт!
Михайлов Гаврил Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.