Призван в 1942 год, красноармеец 899 стрелкового полка 228-й дивизии 38-й Армии 2-го Украинского Фронта. Убит в сентябре (в одном документе дата смерти указана 07.09.1943, в другом 08.09.1943) под Харьковым. Похоронен на Украине, Харьковская область Балаклейский р-н, около д. Андреевка, выс. 162.0.
Биһиги эһэбит, Поскачин Дмитрий Андреевич-Мииккэ Орто Бүлүү улууһугар Тааһаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Баскачыыннар Дагдаҕар Боотуртан уонна Элэмтэ хоһуунтан удьуордарын ааҕаллар, улуус кулубатынан олорбут дьоннордоохтор.
Сааһын ситэн, Өргүөт нэһилиэгиттэн Баккан (Иванов Иннокентий Иванович) кыыһа Өксүөннүүн ыал буолар. Баккаттар бэйэлэрин кыаналларынан, уһун үйэлээхтэринэн биллэллэрэ. Баккан эһэтэ Федоров Баһылай-Чыллыырка 140 сааһыгар дылы олорбут, кини уола Уйбаака 120 сааһыгар, оттон хос эһэбит Эҥиэнтэй-Баккан 103 сааһыгар дылы олорбут дьон.
Эһэлээх эбэбит 5 оҕолоноллор, оччотооҕу олох сиэринэн, ынах сүөһү, сылгы ииттэн олороллор. Мииккэ сэрии иннинэ холкуоска сылгыһыттаабыт, “Арыы” диэн сиргэ киирэн сылгы аһатара, аҕатын кытта бултуура үһү. Сэрии саҕаланарыгар лаппа сааһыра барбыт, 48 саастаах, 5 оҕолоох ыал аҕата, бөҕө тирэҕэ.
1941 с. бастакы хомуурга ыҥырбыттарын, бииргэ төрөөбүт кыра быраата Иван Андреевич: «Убайым кыра оҕолордоох, иитимньитэ элбэх, онон кини оннугар мин барыам, сулумах киһи», – диэн, тылланан барбыт. Кэлин, 1942 с. улахан хомуурга эһэбитин кытта убайыгар Поскачин Петр Андреевичка иккиэннэригэр бэбиэскэ кэлбит. Эдьиийим Елизавета Дмитриевна: «Дьиэҕэ киирбитим дьонум остуол аттыгар саҥата суох олороллор, ас бэлэмнэммит да, ким да аһаабат. Ийэм Онтуонун, аҕам Оруосатын көтөхпүттэр этэ», – диэн ахтара. Аҕалара оҕолорун сыллаталаан баран, дьиэттэн тахсан, эргэ оскуола таһыгар мустубут дьоҥҥо барбыттар. Кыра тыл этии кэнниттэн сэриигэ барааччылар Үнньээн диэкки ойута турбуттар. Кэргэнэ Өксүөн, эһэбит убайын кэргэнэ Сүөкүлэлиин кыраларын көтөхпүтүнэн, ытаһа-аймана хаалбыттар.
«Сэриигэ барааччылары илдьэр борохуот Лоҥхолооххо тохтуур үһү»» диэни истэн, эбэбит Өксүөн кэргэнин убайын Петр Андреевич улахан кыыһын Татьяна Петровналыын, оччолорго хороччу улаатан эрэ кыыстыын, атынан мэҥэстэн Лонхолоох бириистэнигэр (билиҥҥи Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин эргин) киирэн кэтэспиттэр. Түүнүн сэриигэ барааччылары тиэммит баарса дуу, борохуот дуу өрүс ортотугар хоммут, дьонноро биэрэккэ оттубут кутааларын тула аймана, ытаһа сырдьыбыттар. Сэрэйдэххэ, күрээн хаалыахтара диэн куттанан, сэриигэ барааччылары кытылга тиксэрбэтэх буоллахтара.
Эһэбит аах убайын Петр Андреевичтыын Чебаркуль станциятыгар дылы бииргэ айаннаабыттар, Айаннаан иһэн Иркутскай куоракка кыра бырааттара Иван Андреевич бааһыран аармыйаттан сыыйыллан иһэрин көрсөн: «Дьоммутун көрө сылдьаар» диэн кэс тылларын эппиттэр. Чебаркультан бырааттыылар суоллара арахсан, туc-туһунан барбыттар. Эһэбит бииргэ төрөөбүттэрэ Игнатий Андреевич Дьоппуону утары сэрии кыттыылааҕа этэ, онон биир ыалтан түөрт уол Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр ытык иэстэрин төлөөбүттэрэ, үс уол этэҥҥэ эргиллэн кэлбиттэрэ.
Эһэбит фронтан үс суруга кэлбит. Суруктара хойукка дылы баар этэ, үчүгэй баҕайы буочарынан Новгородов алпаабытынан суруйар эбит, онон наар уолун Онтуону ахтар: «оҕом аҥар этэрбэһин илдьэ кэлбэккэбин» диэн хомойор, биир суругар харчы ыыппытын уонна «Аҕаҥ оҕонньор кэллэ дуо? кэлбит буоллаҕына этэҥҥэ олоруоххут», – диэн бэйэтин да, кэргэнин да санаатын бөҕөргөтөрдүү суруйбут. Үһүс суругар илиитин көп этигэр таптарбытын, унуоҕун таарыйбатаҕын, госпитальга эмкэ сытарын суруйбут. Сурук кэллэҕинэ аймахтара Осипов Петр (Тоойукка) кэлэн ааҕан биэрэрэ үһү.
Эһэбит 1943 с. балаҕан ыйын 8 күнүгэр сэрии хонуутугар охтубутун туһунан хара суругу, аһара айманыа диэннэр, кэргэнигэр тиксэрбэтэхтэр, онон эбэбит эрэйдээх «сураҕа суох сүппүт үһү, өлбөтөх буолуон сөп» диэн олох хойукка диэри кэтэһээхтиирэ… Сураҕа суох сүппүт кэргэннээх сэрии огдообото, оҕолорун аһатар-иитэр кэргэниттэн маппытыгар бастаан 2, онтон 8 солкуобай биэнсийэ ылара…
Эһэбит Украинаны босхолуур иһин кыргыһыыларга сидьиҥ өстөөхтөр буулдьаларыттан сэрии толоонугар охтон, Харьковскай уобалас Балаховскай оройуонугар Андреевка сэлиэнньэтигэр көмүс уҥуоҕа көмүллэн сытар. Кэлин, эһэбит суругар ахтар кыра уола, таайбыт Антон Дмитриевич Поскачин улахан уолунаан Андрейдыын эһэбит көмүллэ сытар сиригэр баран кэлбиттэрэ.
Эһэбит суох буолбутун туһунан биллэрэр «хара сурук» куоппуйатын интириниэт ситимиттэн булбуппут. Бу иннинэ 1980-с сылларга «Кыым» хаһыакка ыстатыйа тахсыбыт этэ, онно эһэбит аата тиһэх хараллыбыт сирин уопсай көмүүтүн испииһэгэр киирбит этэ.
Эһэбит хаартыската суоҕа, ону кэлин, кыра кыыһа Розалия Дмитриевна уура сылдьыбыт хаартыскаларыттан булан, ” Бу мээнэ харайбатах хаартыската буолуо, онон, бука, эһэбит буолуон сөп эбит” диэн быһаарыыны ылынан, бу хаартысканы угабыт.
Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө эбит сиэнин Дмитрий Гаврильевич Макарова аатынан “Зеленый пояс Вилюя” экологическай пуонда “Яблоневые Сады Победы” диэн улахан акция тэрийэн ыытта. Акция ааптара, Мииккэ сиэнэ Прсаковья Макарова этэринэн, бу акция эһэбит Мииккэ, Муустаах муора кытылыгар сытар ирбэт тоҥ буордаах Саха сирин саха саллааттарын суолларынан, остуоруйа дойдутун курдук бүппэт сайыннаах Украина сиригэр тиийбититтэн сиэттэрэн саҕаламмыт.
Суруйдулар сиэннэрэ Прасковья Макарова, Наталия Осипова, 2020сыл.