Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Сыроватский Николай Николаевич

Сыроватский Николай Николаевич (Барашков) 1927 с төрөөн күн сирин көрбүтэ. екинилэр ийэлэрэ
эрдэ өлөн сэрии, сут – кураан тэбиилэриттэн оскуолаҕа үөрэммэтэҕэ, кыра эрдэҕиттэн хараҕынан мөлтөх
буолан эрэйдэнэрэ ыалдьара. Кэлин улаатан иһэн холкуос араас үлэтигэр эриллэн үлэлээн испитэ. Кини
кыһыҥҥы тымныыга, сайыҥҥы өҥүрүк куйааска холкуоска төһүү үлэһит ахсааныгар киррбитэ.Урут
техника суох кэмигэр оҕуһунан, атынан үлэлииллэрэ. Бурдук ыһар бааһына сирин оҕустаах булуугунан
хоруталлара., сарсыарда эрдэттэн киэһээ хойукка диэри икки хараҥаны тэҥниир, сылайарын – элэйэрин
аахсыбат, хаһан утуйара, турара биллибэт сирэйэ – хараҕа суох уһулуччу үлэһит этэ. Аны ыһыы үлэтэ
бүттэҕинэ окко киирии бэлэмэ саҕаланара, алаастар бүтэйдэрин ремоннаан сабыыта, сиилэс дьааматын
хаһыы атырдьах, кыраабыл оҥоһуута…
Ньукулай от охсуутугар анаан айаас аттары айааһыыра, от охсор косилкалары ремоннуура. Биһиги
атынан от оҕустара сылдьарын көрөр этибит, алааска аты баайан сынньатан күрүө тутара, ол хойукка
диэри турбута “Көрдүгэн” холкуос алаастарын соҕотоҕун оҕустарара. күһүнүн аны бурдук сиэмэтин
быстарара. От үлэтигэр иннин кимиэхэ даҕаны биэрбэтэх холкуос Ударнигын аатын ылбыта.Кини от
үүммэтэх сылыгар Намынан, Кэбээйинэн оттоһо сылдьыбыта.
1929 с найахы сиригэр Адаҕай Баһа алааска элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүт Гоголева Варвара
Афанасьевна “Сонун Олох” холкуоска дьоно көһөн кэлбиттэрэ, чилиэҥҥэ киирбиттэрэ. Варвара дьоно
эрдэ өлөн эдьиийигэр иитиллибитэ.
1942 с саҕалаан ыанньыксытынан үлэлиир, барыта 27 сыл устата үлэлээбитэ, ити үлэлии
сырыттаҕына Ньукулай кэргэн кэпсэтэн “Көрдүгэн” холкуоска көһөрөн аҕалар, бииргэ олороллор.1951 с түөрт холкуоһу холбоон бөдөҥсүтэн “Карл Маркс” холкуос буолбута. “Көрдүгэн” холкуос киһилиин,
сүөһүлүүн, сирдиин – уоттуун Бээдигэ көһөн барбыта. Балбаара ыанньыксытынан үлэлээн баран элбэх
оҕолооҕунан 1968 1985 сс диэри Бээдитээҕи оҕо дьааһылатыгар үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Кинилэр
10 оҕону төрөтөн, Балбаара “Герой Ийэ” үрдүк аатын ылбыта.
Ньукулай кэлин ньирэй, бороон көрөөччүнэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. 1970 с. 45
ньирэйи көрөн биир төбө эбиллиитин 7.6 кг ылар, сууккаҕа 230 гр эбиллэн, орто тыыннаах ыйааһынын
152 кг ылары ситиспитэ. 1971 с 41 борону көрөн сууккаҕа 482 гр эбэн, орто тыыннаах ыйааһынын 164 кг
оҥорбута, 1972 с 46 борону көрөн – харайан биир төбө 26 кг эбиллэн, сууккаҕа 480 гр оҥорон тыыннаах
ыйааһына ортотунан 1 төбө 168 кг тиэрпитэ, бу үрдүк көрдөрүү буолар. Кини хойуку ороһу ньирэйдэри
ылааччы,Ньукулай Копырин Иван Захаровичтыын кыттыһан биир хотоҥҥо үлэлээбиттэрэ. Урут сопхуос
саҕана дьирэйи, бороону, ыччат сүөһүнү ый аайы ыйааһыҥҥа ыйыыр этибит, үлэһиттэр хамнастарын
эбиллииннэн аахсаллара, дьэ ыйааһын чугаһаата да бэлэмнэнии бөҕөтө буолаллара. Бороону ыйыыр
саҕана ырыа, күлүү – үөрүү, араас дьээбэ -: хообо тылы саҥара – саҥара күлсүү бөҕө буоларбыт. Ньукулай
дьээбэлээҕэ, дььээбэлээх буолара. Мин суоппун илдьэ сылдьабын, бүттэ да тардан төһө эбиллибитин этэн
биэрэбин, эбиллибитин истэн үөрэллэрэ, мэлдьи астаах кэлэллэрэ, ыскамыайкаҕа олорон эбиллиилэрин
үөрэ – көтө сууйаллара. Оччолорго сүөһү үлэтэ ыарахан этэ, механизация ханнык даҕаны көрүҥэ суоҕа
барыта илии үлэтэ, таһырндьа “Бочкарев” оһоҕун оттон көөнньөрбө оҥоһуута, дулҕа кырбааһына, ноһуом
таһаарыыта киһи сыратын ылар үлэтэ этэ.
Ньукулай Балбаарыһынаан сһрдээх эйэлээхтик олорон иһэн ыарахан ыапыыга ыалдьан эрдэ өлөн
1978 с олохтон туораабыта. Балбаарыс оҕолорун улаатыннаран,үөрэттэрэн,үлэһи дьон оҥортууругар
элбэх эрэйин – сыратын биэрбитэ.
Ньукулай уһун сыллар устата төһөлөөх элбэх оту – маһы таспыта, оту косилканан охсубута, бурдук
бааһынатын сирин тиэрбитэ буолуой,ким ону ааҕан ситиэй…
Ньукулай киэҥ көҕүстээх, кэрэ майгылаах, дьоҥҥо барытыгар сүрдээх аламаҕай, эйэҕэс
сыһыаннаах, хаһан даҕаны кыыһырар диэни билбэт, куруук үөрэ – көтө сылдьара, ыраас сырдык
дууһалаах этэ. Балбарыстаах Ньукулай күн сирин көрдөрбүт 9 оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олоҕу
салгыыллар.
Николай Николаевич үлэлээбит үлэтэ, олорбут олоҕо Бээдигэ, дьонугар – сэргэтигэр үйэлэргэ үтүө
өйдөбүл буола турдун.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.