1943 сыллаахха Ворошиловскай фроҥҥа түбэһэн, бастакы сэрии уотун Харьков куораттан хоту диэки 25км. тэйиччи сытар Бергачи дэриэбинэтигэр көрсүбүт. Сал5ыы Белгород куораты босхолооһуҥҥа, Орловскай-Курскай тоҕой5о кыргыһыыга кыттар. 1943 сыллаахха балаҕан ыйыгар төрдүс Украинскай фронт, 1672 артиллерийскай полкаҕа пулеметчигынан киирэр. Онно сылдьан Новгород, Волынск куораттары босхолооһуҥҥа сэриилэһэр. 1944 сыллаахха, от ыйыгар, бэсиһин сэриигэ аттанар уонна Карпат хайатын анныгар оборонаҕа турар 18 Аармыйа 317-с стрелковай дивизиятын 761-с полкатыгар разведчигынан ананар. Салгыы Венгрия, Австрия, Чехословакия, Югославия үгүс куораттарын, дэриэбинэлэрин босхолоспута. Сэриини Прага куоракка 1945 сыллаахха ыам ыйыгар түмүктээбитэ.
Роман Кузьмич Аҕа дойду улуу сэриититтэн Албан аат 3-с степеннээх орденнаах, «Хорсунун иһин», Будапешт, Прага, Германияны ылыы иһин элбэх бойобуой мэтээллэрдээх, Верховнай Главнокомандующайа, Советскай Союз маршала И.В. Сталинтан 8 махтал суруктаах.
Луковцев Роман Кузьмич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.