Үлэ, тыыл бэтэрээнэ .
1927с. Амма улууһун Болугур нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Ийэтэ, аҕата эрдэ өлөннөр, сэрии ыар сылларыгар 14 сааһыттан холкуоска субан сүөһү көрүүтүгэр,окко,бурдук быһыытыгар улахан дьону солбуйан үлэлээбитэ, аччыктааһыны да, тоҥууну-хатыыны да этинэн-хаанынан билбитэ.
1952с. трактористар куурустарын бүтэрбитэ.
Салайар дьоҕурун таба көрөннөр, орто сүһүөх салайар үлэҕэ үлэлэппиттэрэ. Амма оройуонун исполкуомугар 3 төгүл депутатынан талыллан үлэлээбитэ.
Наҕараадалара «Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин», «Үлэ бэтэрээнэ», Кыайыы үбүлүөйдэрин мэтээллэринэн, республика, райсовет хайҕал, махтал, бочуот суруктара кэрэҺэлииллэр.
4 оҕо амарах Аҕата, сиэннэр, хос сиэннэр олоҕу салҕыыллар.
Ефремов Михаил Петрович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.