Үлэ тыыл бэтэрээнэ.
1930с. кулун тутар 24 күнүгэр 2-Чакыр нэһилиэгэр Амма оройуонугар төрөөбүтэ.
1941с. эр дьоннор бары сэриигэ барбыттарын кэннэ 11 сааһыттан улахан дьоннору кытары тэбис-тэҥҥэ холкуос үлэтигэр үлэлээбитэ. Сэрии сылларыгар сут-кураан дьыллар этилэр. Онон үлэлиир дьоннорго лэппиэскэ нуормалаан биэрэллэрэ, оҕолорго 200гр, онтон үчүгэйдик үлэлээбит оҕолорго 400гр, улахан дьоҥҥо 600гр. КыҺын хаар типтэриитэ, балбаах таһыыта буолара. Онно барытыгар улахан дьону кытары тэбис-тэҥҥэ сылдьыҺаллара.Сэтинньи ыйтан саҕалаан тохсунньуга дылы таһырдьа түүтэх бурдук сынньаллара, онон бурдук ылар этилэр. Саас бурдук ыһыытыгар күнү-дьылы былдьаһан, аанньа утуйбакка үлэлииллэрэ. Кыайыы буолбутугар икки тууннээх күн бырааһынньык буолбута.
1948 с Чакырга ходуһаҕа оттуу сырыттахтарына сэбиэттэрэ Николай Евсеевич Ивиков кэлэн, 5 оҕоҕо Сталин мэтээлин туттартаабыта уонна грамотанан, 2м соттор таҥаһынан, 2м сиидэс таҥаһынан, сиидэс былаатынан, хаһаайыстыбаннай мыыла биэртэлээбитэ.
Аҕа дойду сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иҺин «Үлэ бэтэрээнэ», Кыайыы үбүлүөйдэрин мэтээллэрэ, Коммунистическай Үлэ удаарынньыга. 4 оҕо амарах Ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эбээтэ.
Ефремова Матрёна Семёновна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.