Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Федоров Роман Семенович

Хаҥалас нэһилиэгин Сата дэриэбинэтигэр элбэх оҕолордоох дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ.
Үөдэй оскуолатыгар үөрэнэн 6 кылааhы бутэрбитэ.
Ол кэнниттэн «Кыhыл Знамя» колхуоска суоччутунан улэлээбит.
1943 сыл от ыйын 21 күнүгэр сэриигэ барбыта.
Роман Семенович сэриилэспит чаастарын туhунан военкомат архыыбыгар маннык суруллубут: 1147 сп. 10 кавалерийскай дивизия, онтон 15 гв. отдельнай дивизион, 235 отд. зсп., 65 мсп. Ленинрадскай, 3-с Украинскай фроннар. Кини Киевы, Болгарияны, Румынияны босхолооhуҥҥа кыттыыны ылбыта. 1944 сыллаахха икки тегул улаханнык бааhыран эмтэммитэ. Сэрии бүппүтүн кэнниттэн Румынияҕа сэрии содулун чөлүгэр
туhэриигэ кыттыбыта. 1946 сыл ыам ыйын 12 кунугэр дойдутугар төннүбүтэ.
Кэлээт да сыл курдук интернакка баспытааталынан үлэлээбитэ. Онтон эмиэ Сатаҕа «Кыhыл Знамя» колхуоска председателинэн, Хаҥаласка «Кыhыл Сухаhыт» колхуоска председатель солбуйааччытынан, “Марха” сопхуоска биригэдьииринэн өр сылларга
пиэнсийэҕэ барыар диэри үлэлээбитэ. Пиэнсийэҕэ тахсан баран водокачка баар буолуоҕуттан онно үлэлээбитэ.
Хаҥаласка 1956 сыллаахха саҥа оскуола, кэлин интернат, кулууп, онтон да атын тутуулар кини быhаччы кыттыытынан, салайыытынан тутуллубуттара.
Дьону мунньан муҥхалатан, дьон махталын ылара. Балыксыт Арамаан диэн ааттыыллара.
Анастасия Анисимовналыын көрсөн 1947 сыллаахха ыал буолбуттара.
Билигин 3 кыргыттара, сиэннэрэ, хос уонна хос-хос сиэннэрэ кини үтүө аатын,
үлэтин-хамнаһын, Улуу Аҕа Дойду сэриитигэр хаанын тохпутун умнуохпут суоҕа, Хаҥалас нэhилиэгин олохтоохторо, салалтата сэрии ветераннарын ааттарын үйэтитэллэрин иhин махтанабыт.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.