Алексеев Николай Николаевич
Харьковы босхолоспутум
Ньурба оройуонун иккис учаастактааҕы народнай судьуйатыгар судисполнителинэн үлэлии сылдьан,1942с.бэс ыйыгар Советскай Армияҕа ыҥырыллан барбытым.Илин Сибиирдээҕи байыаннай уокурук пересыльнай пуунугар Мальтаҕа түбэспитим Мальтаҕа турар воинскай чааска ананан,байыаннай бэлэмнэниини барбытым.Ити кэнниттэн ыйтан ордук Петровскайга бафйыаннай аэродрому оҥорууга үлэлэппиттэрэ.1942 сыллаахха ахсынньыга сулуспалыыр чааспыт арҕаа атаарыллар буолбута.Байыаннай эшеломмут Москваҕа тиийбитэ.Мин Степной фронт,уларытыллан 1-кы Украинскай фронт 289-сп.түбэспитим.Эшеломмут сорох чааhын Ленинградскай фроҥҥа атаарбыттара. Саха сириттэн бииргэ айаннаабыт ,үөрэммит табаарыстарбыттан арахсыбытым.Кэлин иhиттэхпинэ бииргэ ыҥырыллыбыт дьоммуттан үгүстэрэ дойдуларыгар төннүбэтэх этилэр.
Биhиги чааспыт тиийэригэр Харьков куорат,Украина 2-с бөдөҥ промышленнай киинэ өстөөх илиитигэр иккис сылын олороро.Өстөөх авиацията өссө даҕаны 1942 сыллаахха баhыйара биhиги тайаан сытар позициябытын буомбалааhыҥҥа түбэhиннэрбитэ.Ынырык сэрии өлөр-өлүүлээх уот буулдьаннан күүдэпчилэммитэ .Ити да турар,бу да турар көстүбэт буордаах оскуолка будулҕана буолбута.Уот будулҕан ортотугар үгүс дьоммутун сүтэрэн бэйэ бэйэбититтэн быстыhан,хайдыhaн чугуйарга күhэллибиппит.Ытыалаha,ытыалаha чугуйан Болчанскай диэн тимир суол станциятыгар кэлбиппит.Бу станцияҕа буомбалаабыттарыгар тубэhэн оскуолкаттан бааhырбытым.Тыылга Мичуринскай куорат госпиталыгар атаарбыттара.Госпиталга эмтэнэн үтүөрэн баран,1943 с. кулун тутарга Курскай туhaaйыытынан байыаннай чааска тубэhэн ити сайын Курскайдааҕы тоҕой кырыктаах кыргыhыыларыгар күннэри-түүннэри сэриилэспиппит.Хайдах тыыннаах ордубуппун сатаан санаабаппын,сурукка да сатаан быhaaран суруйар кыах суох.
Атырдьах ыйын 5 күнүгэр Белгород куораты босхолоспутум.Бу куораты босхолооhун чиэhигэр Москваҕа салют буолбутун саллааттар үөрүү бөҕөннөн истибиппит.
Чугуйан иhэр өстөөҕү өмүтүннэрбэккэ арҕаа салгыы чугуйан сэриилэhэ сылдьар чааспын кытары иккиhин Харьков куораты босхолуур иhин кыргыhыыларга кыттыбытым.Хайа муҥун аны Советскай авиация баhылыыр курдук буолбут этэ.Өстөөх куорат аннынааҕы позициятын биhиги авиациябыт, ыйанан турар курдук утуу-субуу буомбалаабыттара,сатыы сэрии кимэн киириитигэр муҥура суох көмөнү,чэпчэтиини оҥорбутун онно көрбүтүм.Куораты ылыы сэриитин үhүс күнүгэр өстөөҕү утары ручной пулеметунан уоту аha сытан,уҥа илиибэр улаханнык бааhырбытым
Ыраах тыылга Свердловскай куорат байыаннай госпиталыгар өр эмтэммитим.Байыаннай хамыыhыйа миигин дойдубар 2 группалаах сэрии инбэлиитэ оҥорон ыыппыта.Ол 1944 с. олунньуга этэ.
Ити курдук мин Аҕа дойду сэриитин сылларыгар икки төгүл Харьков куораты босхолуур иhин кырыктаах , хаан тохтуулаах кыргыhыыларга кыттыбытым.Икки төгүл ити куорат иhин кыргыhыыларга бааhырбытым.
Алексеев Николай Николаевич сэрии,кооперация бэтэрээнэ.