Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Халдеева Марфа Николаевна

Халдеева Марфа Николаевна, 1926с., атырдьах ыйыгар Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ – Аҕата: Габышев Николай Михайлович (Хааттыттан төрүттээх) Ийэтэ:
Дягилева Варвара Васильевна (II Хомустаахтан төрүттээх).
Марфа Николаевна оҕо сааһа Хаартыга, Сутуруолаахха ааспыта. Кэлин Арыы-Тииккэ, Кыһыл Кырдалга олорбуттара. Сэрии сылларыгар, 1941-45 сс. колхоз бары улэтигэр сылдьыбыта: ыһыыга,
оттооһуҥҥа, сүөһү көрүүтүгэр. “Аҕа Дойду сэриитигэр килбиэннээх улэтин иһин” — диэн
мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1949 с. Халдеев Касьян Семеновичтыыи ыал буолбуттара. Алта оҕоломмуттара: Касьян, Иван, Николай, Раиса, Наталия, Светлана. Билигин 9 сиэннээхтэр, 12 хос сиэннээхтээр.
1959 с. Тумул боһүөлэгэр дьааһыла арыллыбытыгар, Марфа Николаевна, ньээҥкэнэн үлэҕэ киирбитэ. Бу дьааһылаҕа бастакы заведующай Кошавина Г.С., кэлин, уһуннук Петухова
Е.И. заведующайдаабыта.
Дьааһылаҕа үгүс эппиэтинэстээх улэни толороллоро, муус-мас киллэрэллэрэ, нэдиэлэ ортотугар оҕолору барыларын сууйаллара, сатаан аһаабат, хаампат оҕолору ньээҥкэлииллэрэ. 1973с. дьааһыланы уонна детсады холбоон, детскомбинат аһыллыбыта. Манна, Марфа Николаевна, 1982 сылга диэри ньээҥкэнэн, баспытааталынан улэлээбитэ. 22 сыл кыра саастаах оҕолору көрүүгэ-үөрэтиигэ, эҥкилэ суох, үтүө суобастаахтык улэлээбитэ. Үгүс төрөөпүт махталын ылбыта, биһирэбил суруктарынан, грамоталарынан, юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Үлэтин кэннинттэн дьиэтигэр араас минньигэс астары астаан дьонун, ыалдьыттары күндүлүүрэ. Дьон көрдөһүүтүнэн сыбаайбаларга, юбилейдарга, бырааһынньыктарга дьэрэкээн уруһуйдаах туортары астаан дьону-сэргэни уердэрэ.

Ахтыыны суруйда, кыыһа
Наталия Касьновна Петухова
инания и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.