1943 сыл сэтинньититтэн Илин турар мото-стрелковай полка5а бойобуой сулууспаны барар. 1945 с. советскай сэриилэр союзтаахтарыгар биэрбит тылларын толорон, Япония сэриилэрин утары модун куустээх охсууну онорбуттара. Механизированнай гвардейскай полк буойуна А.Е.Максимов хорсун сулууспатын урдутук сыаналаан, гвардия капитана Ребрик маннык суруйбут эбит: «Япония милитаристарын утары кыргыhыыларга эр санаалаа5ын уонна хорсунун кердербутэ. Монголия уута суох сирдэрин, Улахан Хинган ар5астарын туорууга тулуурун уонна холкутук кердерен, таб. Максимов бойобуой соруда5ы кыайыылаахтык толорорго байыастар санааларын кетехте.
Хос эhээм Максимов Алексей Еремеевич «А5а дойдуну кемускуур сэрии сылларыгар килбиэннээх улэтин иhин», «В.И. Ленин тереебутэ 100 сыла» , Кыайыы юбилейнай медалларынан, 2 тегул Саха Республикатын Верховнай Советы Президиумун Бочуотунай грамоталарынан, райком, райисполком угус Махтал суруктарынан на5араадаламмыта.
1967 сыллаахха «Саха АССР оскуолаларын утуелээх учуутала» урдук аат инэриллибитэ .
Максимов Алексей Еремеевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.