Харьков иһин кыргыһыыга.
Бары барытыгар активнай, ахсаабат энергиялаах, үрдүк общественнай интэриэстээх, үлэни үөрүү – көтүү поэзиятыгар кубулутар, эрчимнээх натуралаах дьон баар буолаачыылар. Кинилэр курдук үлэ – хамнас үөһүгэр, инники кирбиигэ суол солооччуларынан, холобур көрдөрөөччүлэринэн буолааччылар. Күннээйи сиригэр биир оннук ыччатынан Наһаарка, Назар Харлампьевич Вырдылин этэ диэтэхпинэ алҕас буолуо суоҕа.
Назар Харлампьевич 1909 сыллаахха Дьиэбэгэнэ нэһилиэгэр быстар дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕалара Хаат бэрт сыранан, сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, түүннэри – күнүстэри үлэлээн муҥнанан, биэс оҕотун ииппитэ. Наһаарка сүһүөҕэр тураат, аҕатын батыһа сылдьан, көмө киһи буолбутунан барбыта. Үлэ элбэххэ үөрэппитэ, эрчийбитэ, буһарбыта – хатарбыта. Наһаарка ситэн – хотон испитэ. Эргэни эрчимнээхтик эсиһэргэ, саҥа олох дьаһалларын олохтоһорго бэлэм буолта.
Хааттар Дьиэбэгэнэттэн Тааттаҕа көһөн тахсыбыттара. Таанаҕа олохсуйбуттара. Назар 1926 – 1928 сылларга оскуолаҕа остуорастаабыта. 1926 сылтан ыла Ленинскэй комсомол чилиэнэ. Үөрэниэн олус баҕарара, сааһа улаатан маҥнайгы ылбатахтара. 1926 – 1927 сс. Ликбезкэ үөрэнэн, ааҕар, суруйар буолбута. Иккис кылааска үөрэнээри эмиэ көрдөһүү суруйбута. Оччолорго 18 саастааҕа. Ону И.Г. Прудецкая – Мончурина аккаастаабыта.
1929 с. “Боевой” артыал тэриллибитэ. Назардаах 13 чилиэнтэн биирдэстэрэ этилэр. Артыал үрэллэн баран, 1930 с. иккистээн тэриллибитэ. Саҥа тэриллибит колхозка Вырдылин Н.Х. ревизионнай комиссия председателя этэ. Сааһа туолан, Назар 1930 с быһа партия чилиэнинэн ылыллыбыта. Ити кэмҥэ ячейка секретарынан Гладкин В.И. уонна Жегусов Федор Дмитриевич этилэр.
1931 – 1933 сс. Якутскайга батараактар курстарын үөрэнэн үчүгэйдик бүтэрбитэ. Оччолорго итэҕэллээх дьоҥҥо, коммунистарга пистолет биэрэллэрэ. Назар үөрэнэ сылдьан, 1932 с Уус – Алдаҥҥа тахсан, иккис большевиктыы ыһыыны атаарбыта.
– Вторая студенческая конференция награждает тов. Вырдылина Н.Х. почетным званием ударника Первого года пятилетки строителя социализма, активно проявившего себя в социалистическом соревновании по повышению производительности труда за максимальное повышение успеваемости и качество учебы за лучшую организацию студенчества вокруг учебно-производственной работы.
– Коллектив областной батрацко- колхозной школы ЯАССР окончившего школу тов. Вырдылин Н.Х. награждает почетной грамотой за лучшие показатели в освоении “Основ науки”, за показательную и ударную работу в чебно-производственной части, за активную общественную работу и за примерную дисциплинированность .
1933 – 1941 сс. диэри дойдутугар араас дуоһунастарга, араас үлэ көрүҥнэригэр эрчимнээхтик ылсан үлэлээбитэ.
“Боевой” колхоз правлениетын чилиэнэ, үүт табаарынай ферматын сэбиэдиссэйэ уо.д.а. Назар Харлампьевич сүрүн үлэтинэн партийнай үлэ этэ. Өр сылларга партийнай тэрилтэ секретарынан үлэлээбитэ. Армияҕа ыҥырыллар кэмигэр үс эбээһинэстээҕэ: ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйэ, налоговай агент уонна партийнай тэрилтэ секретара. Армияҕа 1941 с от ыйыгар ыҥырыллыбыта.
Назар, төһө да дуоһунастаах үлэҕэ сырыттар, колхоз үлэтигэр быһаччы кыттара, үлэҕэ дьону тэрийэрэ, көҕүлүүрэ, холобур көрдөрөрө. Кини бэйэтэ быччыҥ үлэтигэр кимтэн да хаалсыбат этэ. Оту үчүгэйдик охсоро, бастыҥ кыдамаһыт этэ, молотилкаҕа барабаанньыт буолара. Үлэ ыараханын кини үлэлиирэ уонна биирдэ ымыттан көрбөт этэ. Үлэ – хамнас туһунан элбэхтик мунньахтарга тыл этэрэ. Ол этиилэрэ көҕүлүүр, өрө күүрдэр, тэрийэр ис хоһоонноох буолаллара.
1941 с от ыйын 8 күнэ. Таатта дьоно, ол иһигэр биһиги Наһаарбыт, 180 киһи армияҕа барар буолтара.
Мальта станция, Иркутскай уобалас. Манна биһиги дьоммут 3 ый боевой бэлэмнэниигэ үөрэммиттэрэ. Кинилэр, маршевай ротаҕа түбэһэн, Тааттаттан төрдүө биир ротаҕа сылдьыбыттара: Назар, Сидоров Марк, Аввакумов Матвей, Петров Лев Гаврильевич.
Назар, коммунист буолан уонна кадровай офицердар тиийбэт буоланнар, взвод командирын солбуйа сылдьыбыт. Ол туһунан Петров Л.Г. манныгы кэпсиир: “Наһаарка 2-с взвод солбуйар командира буола сылдьыбыта. Онон эбитэ буолуо, офицердар остолобуойдарыгар аһыыра. Миэхэ кэһиитин килиэп уонна табаах аҕалар буолара. Оо, ол үчүгэйии эриэхсит!”
Кэлин офицердар эбии кэлэннэр, Наһаар солбуйара тохтотуллубута. Маршевай роталар фроҥҥа барар буолтара. Дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка тиийбиттэрэ. Онно оччолорго командующай Жуков К.Г. этэ. Саҥа кэлбит эбии күүс 3-с армияҕа бэриллибитэ. Биһиги дьоммут 16 дивизияҕа 9 полкатыгар түбэспиттэрэ. Назар пулеметчик этэ. Кини Москваттан өстөөҕү үүрсэр үрдүк аналламмыта. 1941 с 2/ XII воинскай присяганы Дубовай садка ылбыттара.
16-с дивизия Можайскай куораты босхолуур соруктааҕа. Ахсынньы ый 3-4 күннэригэр Можайскай иһин хаан тохтуулаах, дохсун кыргыһыылар буолтара. Икки суукка устата буолбут өлүү дубдурҕанын кэнниттэн Можайскай босхоломмута. Назардаах роталарыттан 120 киһиттэн 47 орпута. Олор истэригэр Назар баара.
Өстөөҕү түргэн кэминэн столицаттан тэйитэр наада этэ. Биһиги чаастарбыт сүтүктэрин ситэринэ-ситэринэ, өстөөххө үөс – батааска биэрбэккэ сойуолаан испиттэрэ. Ахсынньы ый эргэтигэр Тула куораты босхолуур иһин хабыр хапсыһыылар буолтара. Икки өртүттэн улахан сүтүктээх кыргыһыы. Күл – көмөр буолбут, кыһыл кирпииччэҕэ кубулуйбут Тула босхоломмута. Назары үөһэнэн – аллараанан, икки ойоҕоһунан өлөр өлүүнэн чыыһырар буулдьалар, өлүү дэбилгэнин ыһыахтыыр миналар, снарядтар үлтүркэйдэрэ таарыйбатаҕа. Барыта этэҥҥэ ааспыта. Оттон ручной пулемета төһө өстөөҕү охторбутун ким билиэ баарай?
Өстөөҕү сойуолааһын күнтэн күн салҕанан испитэ. Немецтэр өлөрдүү утарсаллара, утары атаакаҕа киирэллэрэ. Тульскай уобалас сиригэр Назардаах дивизиялара 59 стрелковай дивизия диэн ааттаммыта. Дивизия Харьков туһаайыытынан кыргыһыыны ыыппыттара.
Лев Гаврильевич Петров манныгы ахтар: “Ийэтэ Сүөкүлэ эмээхсин, Назар суругун аахтарбыта. Ол сурук ис хоһооно манныгын өйдүүбүн. 1942 с балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи сурук этэ. “Харьков куорат анныгар өстөөхтөртөн 600-1000м баарбыт. Сэрии балаһыанньата ыарахан /?/. Мин доруобайбын. Миигин кытта Сиэллээх киһитэ Мурунов Николай баар”. Сүөкүлэ этэринэн мантан ыла сурук кэлбэт буолбут” – диэн. Итинтэн сылыктаатахха Назар Харлампьевич Вырдылин Харьков куораты босхолуур иһин кыргыһыыга өлбүт буолуохтаах. Биллэрии курдук, бу куорат тула хас да төгүллээн, историяҕа киирэр дуолан сэриилэһиилэр, буолуталаабыттара бэрт үгүс советскай буойуннар Ийэ дойду чиэһин, көҥүлүн көмүскээн геройдуу охтубуттара. Эмиэ оннук охтубут буолуохтаах биһиги убайбыт Назар. Кини биһигиттэн, Вырдылиннартан (Прокопий Николаевичтан ураты) аҕа саастаахпыт этэ.
Биһиги, тыыннаахтар, Кыайыы 30 сылын көрсө, немецкэй оаккупааннары совет сириттэн үүрэргэ, геройдуу охтубут убайбытын кэриэстээн төбөбүтүн төҥкөтөбүт.
Кини сырдык мөссүөнэ, боевой суола умнуллубат. Назар үөрэниэн наһаа баҕарара. Оскуолаҕа үөрэммэтэҕиттэн хомойоро. Аймахтара үөрэхтээх дьон буолуохтарын олус баҕарара. Миигин кини үөрэттэрбитэ. Мин 14 сааспар дылы үөрэммэккэ, Оһоҕостоох Амматыгар, Оотто Бэһигэр олорбутум. Күһүн, хаар ботуччу түспүтүн кэннэ, Наһаарка киирэн оҕуһунан тиэйэн тахсыбыта. Иккис кылааска быһа киллэрбитэ. Таанаҕа бэйэтигэр дьиэлээбитэ. Оннооҕор, “дьоҥҥун аҕыннаҕын буолуо, кэл хоонньоһо сытыах” – диирэ бу баарга дылы.Сарсыарда атынан үксүн миигин, атын оҕолору тиэрдэн биэрэрэ.Оннук кыһамньылаах этэ.
1939с. Назар кэргэннэммитэ. Пелагея Вапсильевна Потапова – Вырдылина 1942 с. оҕоломмута. Назар Харлампьевич уолун Назары көрөр дьолго тиксибэтэҕэ. Назар Назарович – шофер, 4 оҕолоох, Төҥүлүгэ бэрт үчүгэйдик ыал буолан олорор, аҕатын аатын ааттатар.
Иннокентий Вырдылин.
1975 сыл, муус устар 2 күнэ
Чөркөөх селота.
“Саллаат суруга” кинигэҕэ киирбит эһээбит суругун “Коммунист” хаһыакка Таатта улууһугар 1942 с бэчээттээбиттэрэ (120-121 стр.)