Орден Великой Отечественной войны 1 и 2 степени, медаль «За освобождение Варшавы», 2 медали “За отвагу”, “За боевые заслуги”.
Эһэм Николай Васильевич 18 саастааҕар Кировскай нэһилиэгиттэн Аҕа дойду Улуу сэриитэ үгэннээн турдаҕына 1943 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Кини 1944 сыл олунньу ыйга 1 Белорусскай фроҥҥа тиийбитэ. Манна тиийэн 4-с Пензенскэй дивизия иккис полкатын 3-с батальонун састаабыгар киирсэн бастакы сүрэхтэниитин Ровно куорат иһин сэриилэһиигэ ылбыта. Эһэм элбэх нэһилиэнньэлээх пууннары, куораттары көмүскэспитэ. Туриска куораты босхолуур иһин кимэн киириигэ түөһүгэр араанньы буолбута. Түөрт ый эмтэнэн үтүөрэн баран, Польша сиригэр иккистээн сэриигэ киирбитэ. Онно Висла өрүһүнэн немец тоҕо көтөр армиятын самнарыыга автоматчик быһыытынан хорсуннук сэриилэспитэ уонна бу өрүһү күһүөрү уҥуордаспыта.
Элбэх суостаах хапсыһыылары ааһыталаан Польша столицатын 1945 сыл тохсунньуга босхолоспута. Эһэм Польша сиригэр, кини столицатын Варшаваны ылыыга хорсун буолууну көрдөрбүтүн иһин Верховнай Главнокомандующайтан И. В. Сталинтан Махтал суругу ылар чиэскэ тиксибитэ. Сотору буолан баран, ити куораты босхолооһун иһин ССРС Верховнай Советын Ыйааҕынан мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Польшаны босхолооһун кэнниттэн гитлеровскай өстөөҕү букатыннаахтык үүрэн бэйэтин арҕаҕар самнарыылаах охсууну оҥорууга Одер өрүһү уҥуордаспыта. Манна Советскай Армиялар өстөөх өрүс арҕаа өттүгэр бөҕөргөтүммүт оборуонатын олунньу ый бүтэһигин саҕана тоҕо көппүттэрэ. бу улахан хаан тохтуулаах, элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх, алдьархайдаах хабыр хапсыһыылары эһэм Николай Васильевич этэҥҥэ туораабыта. “Арҕаа диэки үүрүллэн иһэр немец сэриилэрэ алта төгүл төхтүрүйэн улахан атааканы оҥорбуттара да, Советскай Армия күүһүн хайдах да тохтотор кыахтара суоҕа”,- диэн ахтар этэ эһэм.
Эһэм Кутна, Познань куораттары, элбэх дэриэбинилэри босхолоһон баран, Бранденбург куораты ылар иһин сэриилэһиигэ 700 немецкэй саллааты, офицердары билиэн тутарга кыттыыны ылбыта. Онтон гитлеровскай Германия “Панский двор” диэн хайа үрдүгэр турар кириэппэһин штурмалаан ылыыга 27 немец саллаатын уонна хас да офицерын билиэн тутуспута.
Түмүктээһиннээх ол кыргыһыыга эһэм Николай Васильевич улаханнык араанньы буолан стройтан туораабыта. Бу араанньытынан кини түөрт госпитальга уларыйа сылдьан эмтэммитэ, түөрт төгүл улаханнык операцияланан 1946 сыллаахха дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Итинэн эһэм Н. В. Кононов Аҕа дойду сэриитигэр Висла, Одер өрүстэрин туораһан, араас улахан хаан тохтуулаах хабар хапсыһыыларга кыттан баран, Берлинҥэ 7 көс тиийбэккэ ыараханнык бааһырбыта. Оннук гынан эһэбин байыаннай комиссия көрөн баран 2-с группалаах инбэлииккэ таһаарбыттар.
Эһэм Николай Васильевич элбэх оҕо амарах аҕата уонна эһэтэ этэ. Горнай оройуонугар улахан биллэр тимир уонна мас ууһа, кини туппут дьиэлэрэ билигин да Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр тураллар. Эһэм уоттаах сэрии уонна үлэ бэтэрээнэ этэ, олоҕун билигин оҕолоро, сиэннэрэ салҕыыллар. Олох салҕанар, история сэрии кыһалҕата хаһан да умнуллубат, кини туруулаһан сэриилэспит бу дьоллоох олоҕу аҕалсыбыт олоҕор бу билигин олордохпут дии 75-с сыл тухары.
Кононов Николай Васильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.