Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.
ФОМИНА Акулина Петровна
Фомина Акулина Петровна (1930-2012 с.с.) 1930 сыллаахха Чурапчы оройуонун Одьулуун нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Сэрии ыар кэмнэригэр уонна сэрии кэнниттэн сайын холкуос оҕуруотугар, бааhынатыгар, от үлэтигэр, кыhыҥҥы тымныыларга сыарҕа-көлөнөн ыраах үрэх бастарыттан от уонна оттук мас тиэйиитигэр хорсуннук уонна таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Сэрии уонна үлэ фронун бэтэрээнэ, сэрии кэнниттэн уопуттаах иистэнньэҥ, нэhилиэнньэни олох-дьаһах өҥөлөрүнэн хаччыйыы бэтэрээнэ, производство бастыҥа, чулуу үлэhит, ыччат настаабынньыга. Акулина Петровна «1941-1945 сылларга килбиэннээх үлэтин иhин», «Ийэ албан аата» 2-с истиэпэннээх мэтээллэринэн, «Гражданскай килбиэн» Ытык бэлиэнэн наҕараадаламмыта.
Фоминнар алта оҕону төрөтөн, иитэн, барыларыгар үрдүк үөрэҕи биэрбиттэрэ. Оҕолоро төрөппүттэрин суолларын тэлэн, үтүө үлэһит үгэстэрин салҕаан, геология, үөрэхтээhин, журналистика, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспа, эргиэн эйгэлэригэр үтүө суобастаахтык үлэлээн-хамсаан кэллилэр. Сиэннэрэ мэдиссиинэ, энергетика, үөрэхтээhин уонна предпринимательство эйгэлэригэр ситиhиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Ол иhин норуот бырааhынньыга Ыам ыйын 9 күнэ – Улуу Кыайыы күнэ биhиги дьиэ кэргэҥҥэ олус долгутуулаах күн. Биhиги бу бэлиэ күн төрөппүттэрбитин саныыбыт, сэрии толоонугар охтубут хорсун саллааттары, үлэ фронугар таһаарыылаахтык үлэлээн, Кыайыы Күнүн чугаhаппыт тыыл үлэhиттэрин иннигэр тобуктаан туран, төбөбүтүн хоҥкутабыт. Сиэннэрбитигэр ол ыар, сэрии кэмнэригэр фашизмы кыайбыт сэбиэскэй саллааттар уонна тыылга үлэлээбит хорсун үлэhиттэр тустарынан киэн тутта, махтана кэпсиибит.