В 1940 г. поступил в Ленинградский учительский институт. В 1941 г. многие преподаватели и студенты погибли в боях на фронте и в блокадные дни. Среди них был Александр Павлов. В 50-х годах на запрос родственников из Ленинграда пришел ответ, что Александр был направлен добровольцем в военную часть Псковского направления.
Павлов А.П. родился в 1920 г. в местности Туойдаах Лягинского наслега Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Окончил Лягинскую начальную школу и Томмотскую среднюю школу.
Павлов Александр Павлович (1922 с.) төрүөх. Лээни бастакы сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, салгыы Томмот куоракка орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбит. Онтон 1940 с. Ленинград куоракка Герцен аатынан педагогическай институкка үөрэнэ киирбит. 1941 сыллаахха аан дойдуну аймаабыт сэрии буолбутугар бастыҥ устудьуон, эдэркээн патриот Павлов Александр Павлович Аҕа Дойду Улуу сэриитигэр тылланан барбыт итиэннэ Псков куорат хайысхатынан кырыктаах кыргыһыыга аттаммытын туһунан сурук кэлбит.
Кэлин сураҕа суох сүппүтүн туһунан иһитиннэрии кэлбитин да кэннэ, эһэлээх эбэм кыра уолларын куруук кистии-саба кэтэһээхтииллэрэ. Эбэм барахсан эмпэ сыыр урдугэр туран чарапчылана-чарапчылана Амма эбэтин өр да өр одуулуура. «Ийэ сүрэҕэ-оҕотугар» диэн итини этэн эрдэхтэрэ. Бу сиртэн күрэниэр диэри күн күбэй ийэ тапталлаах оҕотун күүппүтэ, кэтэспитэ. Эбэм эһэм бултаабыт булдуттан баҕар оҕом кэлиэ диэн саҥата-иҥэтэ суох кэһии уурар идэлээҕэ.
Кэлин эдьиийим Матрена Дмитриевна тылланан саа-саадах тутан Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн көмүскүү барбыт хорсун саллаат абаҕатын Александр Павловиһы көрдөөн көрбүтэ да, сураҕа суох сүппүтүттэн атын сурах-садьык биллибэтэҕэ.
Лээгини кытта сибээс куруук баара; табанан, атынан дьон бөҕө кэлэрэ-барара, эбэм, эһэм ыалдьыттары үөрэ-кэтэ көрсөн хоннорон маанылаан атаараллара, кырдьык да Туойдаах сир эргийэр киинэ буолар курдуга. Эһэлээх эбэм кэлэр-барар дьонтон куруук уолларын Өлөксөөнү сураһаахтыыллара, туох да сонун суоҕуттан дириҥник үөһээ тыынар, саҥаларыттан-иҥэлэриттэн матан ылар түгэннэрэ үгүс этэ.
Оҕо сааһым ааспыт сирэ олус күндү, кэрэ Туойдаахпын түһээн түүлбэр эрэ көрөбүн. 1957 с. Киров холкуос көһөрүллэн төрүт олохтоох кырдьаҕастар баҕарбаталлар да олус хараастан, муунтуйан итиэннэ санаалара туһэн төрүт өтөхтөрүттэн арахсарга куһэллибиттэрэ. Күндү дьоммут барахсаттар Алдан оройуонун Угайаан бөһүөлэгэр тиийэн өр барбатахтара, 1958 с утуу-субуу суох буолбуттара. Ити курдук сэрии кинилэр олохторугар ыар содуллаах буолбута. Үрдүк үөрэҕин бүтэрэн, төрөөбүт Сахатын сирин сайдыытын туһугар таһаарыылаахтык үлэлиэхтээх, кинилэр көмүс уҥуохтарын көтөҕүөхтээх ылгын уоллара, тапталлаах Өлөксөөннөрө сэрии толоонуттан эргиллибэтэҕэ.
Мария Николаевна Васильева,
үлэ бэтэрээнэ, Эдьигээн, 2019 с.