Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Семенова Мария Николаевна

Эбэм Семенова Мария Николаевна балаҕан ыйын 27 күнүгэр 1925 сыллаахха Бүлүү оройуонугар Чернышевскай нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
Эрдэ тулаайах хаалан оҕо сааһа ыараханнык ааспыта. Ол курдук кыһыҥҥы тымныыга улахан дьону кытта тэҥҥэ от – мас тиэйсибит. Балтыларын, бырааттарын иитээри бурдук тардыбыт. Сайынын оҕус сиэппит. Хара үлэҕэ үлэлээн үс эрэ кылааһы бүтэрбит. 1943-44 с.с.шахталарга эр дьоннор тиийбэттэрин иһин эбэбин бэйэтин саастыылаахтарын кытта 18-19 саастаах эдэркээн түөрт кыыһы Бүлүүттэн таланнар Сангарга шахтаҕа үлэлэтэ ыыталлар. Ол барыахтарын иннэ байыаннай подготовканы ааһаллар. Республикаҕа наадалаах чоҕу ылар иһин олус ыарахан хара үлэни үлэлээбиттэр. 1945 сыллаахха ыам ыйыгар шахта начальнига Ушаков “Сэрии бүттэ” – диэн улахан үөрүүлээх сураҕы иһитиннэрбит. Ол кэннэ Бүлүүтүгэр төннөн кэлэн араас үлэҕэ үлэлээбит. 1954 сыллаахха маҥнайгы лепрозорияҕа онтон Хомустаахтан дом интернат көһөн кэлиэҕиттэн Бүлүү психоневрологическай интернатыгар санитарканнан пенсияҕа тахсыар дылы үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин, элбэх оҕотун иһин араас сылларга бэриллибит бэлиэлэрэ:
-1965 с.”Ударник коммунистического труда”.
– 1968 с. “Медаль материнства” II – степени.
-1972 с. “Медаль материнства” I – степени.
-1983 с. “Ветеран труда” – медаль.
Эбээм олус ыраас туттунуулааҕа, таҥаһы да түүлээҕи да тигэрэ, оҕуруо анньара, баайара, вышивкалыыра, минньигэстик ас астыыра, араас оҕуруот аһын, сибэккии олордоро. Дьиэ ис- тас өттө тупсаҕай буоларыгар өрүү кыһаллара. Саҥаны – сонуну сэргиирэ. Оҕолорун, сиэннэрин туһугар өрүү кыһаллара. Хомойуох иһин 1989 сыллаахха ыарахан ыарыыттан олохтон барбыта.ия и биография.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.