Мин агам туьунан ахтыы
Мин агам Ефремов Максим Егорович 1943 сайын от ыйыгар 2 ханалас Кыьыл Сиэн диэн колхозка бригадирынан улэлии сылдьан сэриигэ барар туьунан повестка туппута. Уруккута сэбиэт дьиэгэ Бутэйдээххэ муспуттара. Районтан ханнык эрэ боломуочунай тахсыбыт этэ. Агабын кытары Николаев Степан,Филиппов Николай,Иванов Михаил.Николаев Константин уонна да атыттар бааллара. Чугас дьонноро,кэргэттэрэ атаара мустубуттара,кинилэр айманыылара-ытаьыылара наьаа долгуппута сэриигэ бараачылары. Сарсыарда 10 чаастан аттарын миинэн айанна туруммуттара.
Ньурбаттан барыта 500-чэ киьи буолан «Диктатор»борохуот соьор баржатыгар симиллэн уьун сындалганнаах айан суолун туппуттара. Атырдьах ыйын бутэьигэр Чита уобалаьын Дацан куоратыгар тийбиттэрэ.Запасной полкага службаны сагалаабыттара, онно Ньурбаттан 50-ча эрэ буолан хааалбыттара.Уапсайа онно 600-чэ саха баара.Кэлин аргааттан полковник батальоннары кэрийэ сылдьан 250 доруобай киьини суумэрдээн фронна ылбыта.
1944 сыл тохсунньу ыйыгар аттарын илдьэ поеьынан Владимирскай область Ковров куоратыгар тийэн кавалерийскай дивизияга холбоспуттара. Онно икки ый байыаннай уэрэгэр бэлэмнээбиттэрэ. Аттарыгар толору сэби сэбиргэли ылбыттара,суурдэн иьэн шашканан охсорго,автоматынан ытарга,граната бырагарга уэрэппиттэрэ. Муус устарга поеьынан дьэ фронна аттаммыттара.Ол курдук Москванан,Брянскайынан Киевка тийбиттэрэ. Салгыы Одесса чугаьыгар Березовка диэн станцияга тиийэн поезтарыттан суэккэммиттэр, ол кэнниттэн барыларын 3 Украинскай фронт састаабыгар киирэр 4 кыьыл знамялаах,Суворов,Кутузов орденнардаах Гвардейскай Кавалерийскай корпус 10 дивизиятын 40-с полкатыгар киллэрбиттэрэ.
Агам тубэспит 2-с батальонугар 13 саха бааллар эбит. Олор истэригэр Антонов Николай (Ньурба) уоона Мырыков Прокопий (Хорула) бааллара. Кавалерийскай диэн ааттанар полкаларыгар –мотострелковай рота,минометнай артиллерийскай батарея,сапернай,связь взводтара толору бааллара.
Кинилэр корпустара Кишинев,Бендеры таьыгар икки ыйдаах хаан тохтуулаах кыргыьыыга кытталлар. Онно агам икки ата елер, бэйэтэ кыл-муччу тыыннаах ордор. Онтон аттарын сэриилэьэр сэптэрин тиэйэн поеьынан Тернополь,Львов,Ковель куоракка айанныыллар,Любомль диэн станция тийэн суэккэнэллэр. Салгыы Буг еруьу туораан Польша Люблин куоратын босхолоьууга нэдиэлэни быьа кытталлар. 10 дивизия Польша сирин согуруулуу аргаа туьаайыытынан естеехтеру эккирэтэн Чехословакия границатын туораабыттар,Карпат сис хайатын унуордаан,ый курдук элбэх куораты дэриэбинэлэри ньиэмэстэртэн босхолууллар.Аны Левице куорат оройуонугар тегуруктээьиннэ 13 суукка устата кыргыьаллар, онтон кену кетен бэйэлэрин дивизияларын кытта холбоьоллор.
Фронт тохтоон ый кэринэ оборонага олороллор,салгыы Венгрия сиригэр кимэн киирэллэр.Дебрецен куораты болсхолооьун ый анаарын курдук буолар,агам онно ыараханнык бааьырар,ханас илиитин харыта снаряд осколкатынан икки сиринэн тостор. Салгыы агам Яссы куорат госпиталыгар уьуннук эмтэнэр, илиитэ оьон биэрбэккэ Сочи куорат госпиталыгар кэлэн эмтэнэ сытан кыайыы буолбут уеруулээх сурагын истэр. Дьэ ол кэннэ от ыйын 16 кунугэр комиссияланан сэрии 2 гр инбэлиитэ буолан дойдутугар барар уьун айанна турунар.
Агам Максим Егорович эрэй беге керен, этэннэ куьуеру балагай ыйын 11 кунугэр бутэьик борокуотунан Булуу эбэ хотун ханас биэрэгэр турар «Саьаан аартыга» диэн биэрэккэ ,дойдутун буоругар уктэммитэ. Теребут дойду, ийэ буор ахтылгана агабын долгуппута.
Кэлээт агам колхуоьугар ер кэмнэ сылгыьыттаабыта. Ол кэннэ кэлин сэриигэ ылбыт баастара биллэрэн,28 сыл лесхозка леснигинэн улэлээбитэ.
Аны санаатахха агам барахсан сэрии туьунан кэпсиирин олох себулээбэт этэ, ону мин бу билигин ейдуур буоллум. Теьелеех елер елууттэн тыыннаах эргиллибит дьон, кыргыьыы хонуутугар охтубут саллааттары санаан кэллэххэ олус да долгутуулаах, хараастабыллаах эбит.
Мин агам Ефремов Максим Егорович дьоллоох ологу олорбута, ус огону иитэн,атахтарыгар туруортаабыта. Баара буоллар билигин 7 сиэн,15 хос сиэн эьээтэ буолан дьоллонуо этэ.
Ефремов Максим Егорович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.