Сэрии саӄаланаатын кытта бэйэтэ тылланан 1941с. от ыйын 26к. сэриигэ аттаммыта.
Өрүс пордугар борохуоттар тоӄуоруспуттар, дьон-сэргэ мустубут, тохтоло суох борохуот хаһыыта уонна түргэн бырастыылаһыы. Чита5а. 3 ый үөрэнэн, Сэмэн, киһи барыта бара сатыыр уоттаах сэрии буола турар арӄаа фронугар буолбакка, дьоппуон милитаристарыттан кыраныыссаны харабыллыыр Дальняй Восток чуумпу сиригэр түбэһэр. Онно, кыраныысса нөӊүө, хайа баӄарар түгэӊӊэ биһиги дойдубутугар саба түһэргэ бэлэм мөлүйүөнүнэн саллааттаах Квантунскай аармыйа баар. Хаһан ба5арар Японияны кытта сэрии саӄаланыан сөп этэ.
Күннэр, ыйдар, сыллар ааһаллар. Өстөөӄү кытта хабыр хапсыһыыга 3 бииргэ төрөөбүтэ күн сириттэн күрэммитэ: инитэ Александр, убайдара Никон, Анисим. Сэмэн СССР илиӊӊи кыраныыссатыгар харабылга турбута. 4 сыл чуумпу соӄустук ааспыта.
1945с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр хабыр хапсыһыы, өлөр охсуһуу саӄаламмыта. 207-с артиллерийскай дивизион састаабыгар киирэн, үс күнү быһа күүскэ бөӄөргөтүллүбүт Хайлар куораты ылыыга сэриилэспиттэрэ. Минометчиктар батальоннара миинэлэрэ бүтэн дьоппуоннар төгүрүктээһиннэригэр түбэспиттэрэ. Рота чааһын хамандыыра Стручковка уонна Андреевка миинэ тиэрдэ охсоллоругар приказтаабыта. Ханна да көр – дьоппуоннар этэ. Байыаннай үөрэхтэрэ быыһаан, хорсун санаалара көмөлөһөн, граната быраӄаттыы-быраӄаттыы минометунан ытыалыыр байыастарга ыарахан миинэ дьааһыгын тиэрдэллэр. Чуумпуран турбут миномет эмиэ тыастаахтык ытыалаан киирэн барбыта. Аны хамандыырга тиийэн бирикээс туолбутун биллэриэхтээхтэрэ. Эмиэ окопалар быыстарынан, бу сырыыга тутуура суох буолан, түргэнник тиийбиттэрэ. Хамандыыр атын бирикээһи толорорго сорудахтыыр. Төттөрү тиийэн, минометчиктар төгүрүйэн турар дьоппуоннартан тахсалларыгар сорудах тиэртэрэр. Эмиэ гранатанан көмөлөһүннэрэн, иһиирэр буулдьалар тыастарын ортотунан минометчиктарга тиийбиттэрэ. Хамандыырдара өлөрдүү бааһырбыт этэ. Сэмэннээх хаалбыт минометчиктары кытта эмиэ куттал суоһуур суолугар туруммуттара. Баара-суоӄа балтараа чаас иһигэр ити төрдүс сырыылара этэ. Атырдьах ыйын 9 чыыһылатыттан 17 чыыһылаӄа диэри байыаннай сорудаӄы / миномет снарядын тиэрдии/ туохтан да чаӄыйбакка хорсуннук толорбутун иһин Сэмэн 1-кы туспа Пулеметно-артиллерийскай батальон хамандыырын аатыттан бастакы бойобуой наӄараадаӄа тиксибитэ. 1945с. балаӄан ыйын 1 күнүгэр «Бойобуой өӊөтүн иһин» мэтээлинэн наӄараадаламмыта, ону тэӊэ Верховнай Главнокомандующай махталын ылбыта. Ити күннэргэ Япония бэриммитин туһунан сурах кэлбитэ. Япония милитаристарын утары бойобуой хамсааһыӊӊа хорсуннук кыттыбытын иһин, 1945с. С.К.Стручков «Японияны утары кыргыһыыга кыайыытын иһин» мэтээлинэн наӄараадаламмыта. 1946с. демлбилизацияланан кэлбитэ.
Сэрии кэнниттэн милииссийэтин сулууспатыгар төннүбүтэ, Дьокуускайга үлэлээбитэ. 1947с. кулун тутарыттан атырдьах ыйыгар диэри Иркутскайга милииссийэ оскуолатыгар үөрэммитэ. Булуӊӊа Күһүүргэ үлэлээбитэ. 1951с.-1960с. диэри Орджоникидзевскай оройуоӊӊа милииссийэӄэ үлэлээбитэ. Милииссийэ старшай лейтенанын аатын сүкпүтэ. Өр сылларга милииссийэ сулууспатыгар эӊкилэ суох үлэлээбитин иһин правительство 1949с. атырдьах ыйын 6 күнүнээӄи Уурааӄынан «Кыһыл Сулус» уордьанынан наӄараадаламмыта. 1952с. ыам ыйын 23 күнүнээӄи уурааӄынан «Кыһыл Знамя» уордьанынан наӄараадаламмыта.
Бочуоттаах сынньалаӊӊа олорон С.К.Стручков анал подразделениеларга гражданскай дуоһунаска олорбута: 1961-1962с.с. Мохсоӄоллооххо ЯСНК республика иһинээӄи байыаннай охранатыгар түмсүү этэрээт бөлөӄөр начальнигынан үлэлээбитэ. 1963-1965с.с. Покровскайга Саха АССР ОБОМ (общественнай бэрээдэк охранатын министерствотыгар) начальнигынан үлэлээбитэ. Сулууспалаабыт уопсай ыстааһа 45 сыл буолар.
Стручков Семен Константинович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.