Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Новиков Дмитрий Алексеевич

1912с. бэс ыйыгар Амма оройуонун Эмис нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. “Иккис пятилетка” холкуос чилиэнэ, бырабылыанньа чилиэнэ. “Пятилетка” холкуоска солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьыбыта, холкуоска хонуу биригэдьиирэ.
Дмитрий Алексеевич 1941с. атырдьах ыйын 18 күнүгэр маҥнайгы хомуурга ыҥырыллыбыта. Бастаан Мальта станциятыгар аҕыйах ыйга байыаннай үөрэххэ үөрэммитэ. Ити кэнниттэн балаҕан ыйыгар 1941с. Арҕаа фроҥҥа тиийэн фашист талабырдьыттарын утары хабыр хапсыһыыга киирбитэ.
Сэриигэ 39-с гвардейскай автодивизия 13-с гвардейскай полкатыгар 1942с. тохсунньуга диэри сылдьыбыта. Историяҕа киирбит Курскай Тоҕой туһаайыытынан Петровск куоракка сэриилэспитэ. Младшай сержант сэриилэһэ сылдьан 1942с. хаҥас илиитигэр бааһырбыта: үс тарбаҕын ытыһын аҥаарыгар диэри үлтү тэптэрбитэ.
Тбилисигэ 2 ый госпиталга эмтэммитэ. Байыаннай хамыһыйа быһаарыытынан, дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Аҕыйах хонукка тохтуу түһэн баран, холкуоска биригэдьииринэн үлэлээн барбыта. Эрдэһит, үлэни, производстваны үчүгэйдик билэр буолан дьоҥҥо тылын ылыннарара.
Дмитрий Алексеевич байанайдаах, улахан соллоҥноох булчут, андыһыт этэ. Кэлин пенсияҕа тахсыан иннинэ Чоноойуга субан сүөһүгэ кэргэнинээн Марфа Даниловналыын таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Дмитрий Алексеевич 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ тыылга үлэтин иһин “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, “ССРС сэбилэниилээх күүстэрин 20 сыла”, “ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин 50 сыла” мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Новиков Дмитрий Алексеевич улаханнык ыалдьан Алтан нэһилиэгэр олорон өлбүтэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.