Егорова Александра Васильевна
Сангаар шахтатыгар үлэлээбит тыыл бэтэрээнэ
(1911-2003)
Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар эр дьон дойдуларын өстөөхтөн көмүскүү саа саадах тутан барбыт кэмнэригэр, дьахталлар тыылга хаалан, үлэ ыараханын, олох эрэйин – кыһалҕатын нарын санныларыгар сүкпүттэрэ.
Егорова Александра Васильевна, 1911 сыллаахха Бүлүү улууһун 2 Күүлэт нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Оҕо сааһа Дьойҕолооххо ааспыта. Олох кыра сааһыттан эрэйи-кыһалҕаны көрөн-билэн улааппыта. Аҕалара эрдэ өлөн, түөрт оҕо ийэлэригэр тулаайах хаалбыттара. Кини ыал саамай улахан оҕото буолан, ийэтин сүрүн көмөлөһөөччүтэ буолбута. Онон кыра сааһыттан үлэҕэ эриллэн, үлэ, олох кыһалҕатын, ыараханын билэн улааппыта.
Аҕа дойду сэриитэ саҕаланарыгар кини 30 эрэ саастаах этэ. Эр дьон сэриигэ барбыттарын кэннэ, дьахталлар, оҕолор колхоз үлэтигэр, түүннэри-күнүстэри умса туспуттэрэ. Колхозка саһаан охсуута, бэрэбинэ кэрдиитэ, онтуларын оҕуһунан бэйэлэрэ тиэйэн кэлэллэрэ уонна да атын ыарахан үлэлэргэ сылдьыбыта. Ол үлэлии сырыттаҕына 1943 сыллаахха Кэбээйи улууһугар Сангаар шахтатыгар, чох хостооһунугар үлэҕэ ыыппыттара. Атын нэһилиэктэртэн эмиэ таас чох хостооһунугар элбэх киһи барбыта үһү. Бүлүү куоратыттан 200-тэн тахса дьахтар буолан, барыта уу баарсаҕа олорон айаннаабыттар. Ытыы-соҥуу айаннаан, Сангаарга күн тахсыыта тиийбиттэр. Бука барыларын киэҥ, эргэ баҕайы бараахха угаттаабыттар. Нөҥүө күнүгэр испиэс таҥас биэртэлээбиттэр. Бириһиэн сотолоох, мас уллуҥнаах саппыкылары биэрбиттэр. Онтон дьэ тус-туспа анаталаан барбыттар. Аҥардарын 2 – с нүөмэрдээх шахтаҕа, аҥардарын 4-с нүөмэрдээх шахтаҕа, сорохторун “погорууска” диэн таас чоҕу хачайдыыр сиргэ туруортаабыттар. Үлэлиир тэриллэрэ кылгас уктаах, уһуктаах төбөлөөх тимир лаппаахы эбит. Шахта уутун кэһэ сылдьан, таас чоҕу көйөн бэйэлэрэ наһыылканан үөһэ таһаараллара. Аллара өр сылдьан баран үөһэ таҕыстахтарына «сүрэхпит эриллэрэ, мэйиибит эргийэрэ» диир этэ. Сарсыарда эрдэттэн киэһэ хойукка дылы үлэлииллэрэ. Үлэлиир шахталара, таас чоҕу хостуур сирдэрэ сиҥнэ, суулла турар үһү. Онно биирдэ аймалҕан бөҕө буолбут. Үлэлии сылдьар биир смена дьонун шахта сууллан баттаабыт… Тачканан чоҕу соһон таһаллар эбит. Улахан кутталлаахтык, сэрэхтээхтик үлэлиир этибит диэччи. Үлэлиир, олорор усулуобуйалара олус мөлтөҕө. Сииктээх баҕайы уопсай бараак диэҥҥэ элбэх баҕайы кыргыттар буолан олорбуттар. Ас – таҥас тиийбэтин, үлэ ыараханын туһунан кэпсээччи.
Таас чох хостооһунугар 1943 сылтан 1945 сыл сайыныгар дылы үлэлээбитэ. Кыайыы үөрүүлээх сураҕын үлэлии сылдьан истибиттэрэ. Үлэлии сырыттахтарына туох баар үлэһити барытын үөһэ таһааран, Кыайыыга аналлаах миитиҥҥэ кытыннарбыттара. Ол кэнниттэн ким баҕалааҕы дойдугутугар барыаххытын сөп диэбиттэр. Эбэм сайын пароходунан Бүлүүгэ кэлбитэ, онтон дойдутугар дылы 20-чэ көстөөх сири сороҕун акка мэҥэстэн, сороҕун сатыы айаннаан төрөөбүт буорун этэҥҥэ булбута. Кэлээт, пенсияҕа тахсыар дылы, колхоһун ферматыгар доярканан үлэлээбитэ. Кэлин кэргэннэнэн түөрт оҕоломмута. Элбэх Грамоталардаах, Махтал суруктардаах этэ.
Наҕараадалара: «За доблестный труд», «30 лет Победы», «40 лет Победы», «50 лет Победы», «Ветеран труда», «Жуков мэтириэтэ», Сталин мэтириэтэ, сороҕо сүппүт.
Сиэнэ Бүлүү улууһун
2 Куулэт орто
оскуолатын нуучча тылын
уонна литературатын учуутала
Степанова Александра Владимировна.
Егорова Александра Васильевна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.