Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Семенов Николай Петрович

14.04.1919-22.05.1988 сс.
Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа 1942- 1947 сс.
Семенов Николай Петрович муус устар 14 күнүгэр 1919 с. Саха АССР Нам оройуонугар Хамаҕатта нэһилиэгэр Үөһээ Бырдьакы алааһыгар 8 оҕоттон 2-с оҕонон күн сирин көрбүтэ. Нам 7 кылаастаах оскуолатын 1938 сыллаахха бүтэрбит. Оскуола кэнниттэн Хама5атта нэһилиэгин “Ленин” аатынан холхуоска үлэлиир. алтынньы ый 10 күнүттэн 1938 с Намнааҕы сберегательной каассаҕа инспекторынан үлэлээбит. 1939 сыллаахха муус устар ыйтан балаҕан ыйыгар дылы биэс ыйдаах курска үөрэммит. 1940 с. ыам ыйын 15 күнүгэр дылы инспиэктэринэн үлэлээбит. 1941 сыл бэс ыйыгар дылы Намнаа5ы Сельпоҕа үлэлиир. 1941 с. бэс ыйыттан алтынньы ыйга дылы Намнааҕы Рай. зем. отделыгар бухгалтерынан үлэлиир. 1941 с. сэтинньи ыйтан 1942 с. муус устар бүтүөр дылы Ааллаах- Үүҥҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыт. Райисполкомҥа инструктарынан информатарынан улэлии сылдьан 1942 с. бэс ыйын 18 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан барар.
Дьокуускай – Нам – Уус-Алдан холбоһуктаах райвоенкомат ыҥырыллан Туллук биэрэгиттэн барбыттара. 10.01.1943 c. – 01.07.1943 c. Арҕааҥы киин фронт 156-c дивизиятын 780 артполкатыгар сулууспалаабыт. Ефрейтор, младшай сержант Николай Семенов 1942 c. ахсынньы ыйтан Можайск куораттан саҕалаан Москваттан Берлиҥҥэ тиийэ снайперынан разведчигынан, артиллерист-наводчигынан сулууспалаабыт, албан ааттаах бойобуой суолу барбыта. Гжатск, Смоленск, Орша, Невель, Великие Луки, Пустошка, Рига, Варшава куораттары босхолооһун иһин кыргыһыыларга кыттыбыта. Берлиҥҥэ тиийэн кыайыы былааҕын анньыспыта. Уонунан ааҕыллар киэҥ өрүстэри буулдьа, бомба аннынан 76 мм орудиетын соспутунан киэҥ хочолорунан, халыҥ тыаларынан, тибиилээх суолларынан, куталаах бадарааннарынан айаннаабыта, кыргыспыта.
Ити усталаах-туоратыгар эр санаалаах, булугас өйдөөх уонна сатабыллаах сэрииһит буолан кини бэргэн снайперскай ытыытыттан, суоһарыылаах орудиетын уотуттан өстөөх элбэх техникатын, тыыннаах күүһүн сүтэрбитэ. Ол туһунан фроннааҕы хаһыаттарга суруйбуттар. Холобур, байыаннай чаас командира полковник Волосков 1945 с. сэтинньи 16 күнүнээҕи «За честь Родины» хаһыакка « Биһиги артиллеристарбыт» диэн ыстатыйатыгар наводчик ефрейтор Семенов Николай Петрович аата хорсун артиллеристар кэккэлэригэр ааттанар.
1943 с. Смоленскай уобалаһы босхолуур иһин кыргыһыыларга разведчигынан сылдьан, өстөөх кэтэҕиттэн 3 тыыннаах «тылы» тутан аҕалсыбытын иһин икки төгүллээн «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1944 с. кулун тутар 20 күнүгэр түүн Нам – Хоус диэн Латвия дэриэбинэтин босхолооһун иһин кыргыһыыга наводчик Семенов 76 мм-дээх орудиета өстөөх оборонатыттан 200м прямой наводкаҕа турбута. Тыһыынчанан снаряд эстэриттэн элбэх орудие алдьаммыта, киһи өлбүтэ. Киниэхэ саба сырсан иһэр немец саллааттарын автоматынан кыргыбыта, окопаҕа түспүттэри гранатанан тамнаан 21 фашиһы өлөртөөбүтэ. Орудиетын эргитэ тардан соҕотоҕун да буоллар рядовой Семенов биир огнемету суох оҥорбута. Өстөөх кыайан тулуйбакка дэриэбинэттэн атах балай куоппута. Бу кыргыһыы иһин Семеновы «Албан Аат» үһүс степеннээх орденынан наҕараадалаабыттар.
1944 с. сэтинньи 14 күнүгэр II-с Прибалтийскай фронт Рига куоратын босхолуур иһин кимэн киириитэ саҕаламмыта. Сарсыарда 6 чааска биир чаастаах артиллерийскай ытыалааһын кэнниттэн өстөөх оборонатын тоҕо көтөн Еременка дэриэбинэҕэ кэлбиттэрэ. Онно өстөөх 200 танката артиллерийскай ытыы доҕуһуоллаах контр-атакаҕа турбута. Охсуһуу бастакы күнүгэр кинилэр артдивизионнара 20 танканы урусхаллаабыттара. Семенов бэйэтин орудиетынан 1 «Тигры», 5 атын танканы урусхаллаабыта. Кыргыһыы үс күн барбыта. Онтон Литваны босхолооһун саҕаламмыта. Итинтэн кэнники Берлини штурмалааһыҥҥа кыттыбыта. Сэрии кэмигэр 1945 с. партия чилиэнигэр киирбитэ. Кулун тутар 20 күнүттэн Одер өрүскэ оҥоһуллубут бөҕөргөтүүнү ылар иһин 10-ча хонуктаах кыргыһыыга рядовой Семенов биир бронепоеһы үлтүрүппүтэ. Бу кимэн киириигэ Николай Петрович орудиетынан таас дьиэлэргэ хорҕойбут өстөөх элбэх точкатын күдэҥҥэ көтүппүтэ. Рейхстагы прямой наводканан ытыалаабыта. (ол туһунан Советскай Союз Геройа Зинченко Ф.М. «Победитель» диэн хаһыакка 1946 с. кулун тутар 26 күнүгэр суруйбута). Муус устар 31 күнүгэр киэһээ борук-сорук буолуута Рейхстаг үрдүнэн кыайыы былааҕа кыыһа тэлээрбитэ. Дойду үрдүнэн эйэ өрөгөйдөөбүтэ. (бииргэ үөрэммит табаарыһа Кирсан Яковлевич Колпашников Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа саппаас гвардия капитана 1970 с. олунньу 21 күнүгэр «Ленин суола» хаһыакка «Аатырбыт артиллерист» суруйбут ахтыытыттан кылгатан суруйдубут). Сэрии бүппүтүн кэнниттэн 2 сыл Берлин куоратка сулууспалаабыта.1947 с. төрөөбүт дойдутугар төннөн кэлэр. Оройуоннааҕы райфинотделга үлэлиир. Ахсынньы ыйга бэйэтин нэһилиэгэр сэбиэт быыбарыгар секретаринэн талыллан 1952 сылга диэри үлэлиир. Ол сыл Аммосова Анна Петровналыын (Түбэ Хайҕыалааҕыттан төрүттээх) ыал буолаллар. Анна Хамаҕаттаҕа детдомҥа иитээччинэн үлэлиир. 6 оҕо амарах аҕата, ийэтэ буолбуттара.
Николай Семенов үлэтин кэрдиис кэмнэрэ: 1952-1959 cc. – Намнааҕы райисполком чилиэнэ; 1959-1960 cc. – оройуоннааҕы ДОСААФ председателэ; 1960-1965 сс. – Намнааҕы промкомбинат завхоһа, парткома; 26.01.1966 с. – 18.03.1969 с. Намнааҕы сельскэй сэбиэт бэрэсэдээтэлэ; 1969-1976 cc. – оройуоннааҕы госстрах агена; 1976-1988 cc. – ремстрой тэрилтэ завхоһа. Ити тэрилтэҕэ үлэлин сылдьан олохтон барбыта.
Н.П.Семенов бойобуой наҕараадалара: «Албан аат» III степенэ, «Аҕа дойду сэриитин I степенэ» уордьаннар. «Хорсунун иһин» (икки төгүл), «Варшаваны босхолуур иһин», «Берлини ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», «1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.