Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Бубякин Никифор Николаевич

Мэцэ-Хацалас саллаата

Бубякин Никифор Николаевич

1905-1988

1905 с Мэцэ-Хацалас оройуонун иккис Наахара нэьилиэгэр тереебутэ.1927-1930 сс. Афанасий Макаров диэн киьилиин биир колхоьу тэрийбиттэрэ. Армияга ыцыралларыгар биригэдьиирдии сылдьыбыта. Кини Калининскай фроцца 344-с стрелковай полкага сулууспалаабыта. Байкалов аатынан совхозка улэлээбитэ, сэрии иккис группалаах инбэлиитэ, ССКП чилиэнэ.

Никифор Николаевич суурбэттэн тахса сылллаагыта суруйбут ахтыыта:

– Мин 1942 сыллаахха бэс ыйын 22 кунугэр Ага дойду кемускуур ссэриигэ ыцырыллыбытым. Байыаннай уерэххэ уерэнэн баран, фроцца барбытым. Сэрии тугун-ханныгын бастаан Смоленскай куорат чугаьыгар кербутум. Биьиги сэриилэрбит естеегу кытта кырыктаах кыргыьыыны ыыта тураллара.

Онтон Калинискай фроцца ыыппыттара. Манна 9 ый устата снайперынан сылдьыбытым. Хас да немеьи елербутум. Ити иьин чааьым командирыттан хайгал ылбытым, хаьыакка таьаарыллыбытым. Ити кэнниттэн руйной пулемекка мацнайгы нуемэринэн анаммытым. Иккис номерым Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылаага Манин кэлбитэ.

1943 сыл ыам ыйын 25 кунэ этэ. Биир взвод немец саллааттара бьигини тегуруйбуттэрэ. Отделениега ус ручной пулеметтаах этибит. Мин пулемеппунан немецтэри утары уоту аспытым. Элбэх естеегу кыайбытым. Тегуруктээьинтэн иккис сууккабытыгар эрэ тахсыбыппыт. Бу кыргыьыыга мин «Хорсун иьин» медалынан нагараадаламмытым.

Ити кэнниттэн тута биьиги взодпут туерт суукка устатыгар естеех оборонатын билэргэ разведкага сылдьыбыта. Бэьис сууккабытыгар биьиги сэриилэьэр сэттис дивизиябыт улахан кимэн киириини оцорбута. Мин ити кыргыьыыга тебебер улаханнык бааьырбытым.

Туерт ый устата госпитальга эмтэммитим. Ити кэнниттэн мацнайгы группалаах инбэлиит оцорбуттара. Госпитальтан тахсыыбар фроцца киьи наада буолла, онон кыахтаах еттулэрин сэрии чаастарыгар ыыталаан диэн бирикээс кэлбитэ: мин иккистээн фроцца барар буолбутум. Мацнайгы Прибалтийскай фроцца кэлбитим. Нарва куораты босхолооьуцца атахпар бааьырбытым. Атахпын тоьуттаран бараммын биир суукка устата быарбынан сыыллан бэйэм дьоммун булбутум. Ити олунньу 28 кунугэр этэ. Ол иьин олунньу 28 кунэ иккис тереебут кунум курдук сыаналыыбын. Бааьыран баран поеьынан айаннаан истэхпинэ, Ленинград аргаа еттугэр немецкай самолеттар кырыктаах бомбалааьыннарыгар тубэспиппит. Элбэх киьи елбутэ, бааьырбыта. Биьигини чугастаагы дэриэбинэлэр олохтоохторо кэлэн еруьуйбуттэрэ. Туерт ый госпитальга сытан баран, комиссия быьаарыытынан, дойдубар теннер буолбутум. 1944 сыл балаган ыйыгар дойдубар эргиллэн кэлбитим.

Сэрииттэн эргиллэн кэлэн баран бэйэм тереебут оройуоммар улэлии сылдьабын. Сэриигэ хорсуннук кыргыспытым иьин уонна эргиллэн кэлэн баран утуе суобастаахтык улэлээбитим иьин ус медалынан уонна Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан нагараадаламмытым.»

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.