Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Шадрина Федора Николаевна

Шадрина Федора Николаевна элбэх оҕолоох ийэ, тыыл уонна үлэ ветерана. 1938 с. 7 кылаастаах Саккырыыр оскуолатын бутэрбитэ. Педагогическай училищеҕа эбээн тылын үөрэтэр учууталлары бэлэмниир салааҕа киирбитэ. 2 курсу бүтэрэллэригэр аан дойдуну аймаабыт Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта. Олох ыараабыта. Хотуттан сылдьар студеннары дойдуларыгар төннөргө күhэллибиттэрэ. Федора Уус-Алдан Суотту нэhилиэгэр билэр дьонугар тахсыбыта. Онно сырыттаҕына Федор Петрович Татаринов диэн Суотту детдомугар учуталлыыр киhи эдэр кыыhы таба көрөн кэргэн ыларыы сурук биэрэр. 1943 Федор Петрович доруобуйата мөлтөн өлөр, оттон Федора ыарахан хаалар. 23.04.1943 кыыс оҕолонор, Люба диэн ааттыыр. Кыhыл оҕо көтөҕүлээх секретарь машинистканан райсоветка үлэлии киирэр. Уонна медсестра курсугар үөрэнэ киирэр, колхозтарга көмөлөhөр. Онтон үөрэҕин бүтэрэн патронаж-медсестраннан үлэлиир. 16.10.1946 “Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэлин иhин” мэтээли райсовет председателя туттарбыта. 1.09.1948 Дүпсүн участковай балыаhатыгар медсетраннан ананар. 8.11.1948 олоҕун аргыhын Сивцев Михиал Евстафьевичи кытта ыал буолаллар. 8 оҕолоноллор. Федора Николаевна 25 сыл медсестраннан үлэлээбитэ. 1972 с. Дьоккускайга көhөн киирбиттэрэ. 1972-1982 c. Саха Государственнай Университетка уборщицаннан үлэлээбитэ.
Федора Николаевна наҕыраадалара: Медаль “За доблестный и самоотверженный труд в ВОВ” (16.10.1946),
Медаль Материнства 2-й степени (30.07.1956), Медаль Материнства 1-й степени (28.05.1958), Орден “Материнская слава” 3 степени (25.05.1960),
Орден “Материнская слава” 2 степени (8.07.1961),
Орден “Материнская слава” 1-й степени (04.12.1965),
Медаль “30 лет Победы (1975),
Медаль “40 лет Победы” (1985),
Медаль “Ветеран труда” (1991),
Медаль “50 лет Победы” (1995),
Знак “Ветеран тыла” (1995).

1998 с. кэргэнинэн Михаил Евстафьевичы кытта 50 сыл олорбуттарын “Кыhыл көмүс сыбаайба” самаай чугас дьонун кытта бэлиэтээбиттэрэ. Федора Николаевна Ийэ аатын чиэстээхтик толорон, 10 оҕону төрөтөн (2 оҕото кыра сылдьан ыалдьан өлөн хаалбыттара), 8 оҕону иитэн, улаатыннаран, үлэhит оҥортоон, барыларын ыал гынан, сиэннэрин уонна хос сиэннэрин көрөн 17.02.2001 Орто дойдуттан барбыта. Билигин кини сырдык аатын 8 о5олоро, 29 сиэннэрэ, 46 хос сиэннэрэ, 6 хос хос сиэннэрэ салгыыллар уонна сырдаталлар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.