Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Иванов Василий Петрович

На5араадалара:
1973 с. – үлэ ветерана.
1978 с. – Социалистическай куоталаһыыга урдук ситиһиилэрин, совхоз общественнай олоҕор актыыбынай кыттыытын иһин «Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
1981 с. – 1980 сыл түмүгүнэн социалистическай куоталаһыы кыайыыларын, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бочуотунай грамота («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1982 с. – 1981 сыл түмүгүнэн сылгы иитиитигэр үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бүлүү улууһун Оройуоннай Сэбиэтин, райком КПСС Бочуотунай грамотата.
1985 с. – «Степан Аржаков аатынан совхоз» ыарахан балаһыанньатын өйдөөн босхо сүөһү туттаран көмөлөспүтүгэр Махтал сурук («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1985 с. – Улуу Кыайыы 40 сылыгар Социалистическай куоталаһыыга кыайыыларын иһин – «Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятын Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
1986 с. – 1985 сыл түмүгүнэн социалистическай куоталаһыы кыайыыларын, үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Бочуотунай грамота («Степан Аржаков аатынан совхоз» дирекциятыттан).
1989 с. – сылгы иитиитигэр үрдүк ситиһиилээх үлэтин иһин Бүлүү улууһун агропромышленнай холбоһуктарын Бочуотунай грамоталара.
1995 с. – Улуу Кыайыы 50 сылынан Бүлүү улууһун дьаһалтатын Махтал суруга.
«1941-45 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ «Килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
1995 с. – тыыл ветерана.

Награды. Подразделение где служил, воспоминания и биография.

Аҕабыт Иванов Василий Петрович II Чочу нэһилиэгэр «Хоруулаах» диэн алааска 1930 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр тереебүт. Кини 4 кылаас үерэхтээх, 12 сааһыттан колхуос чилиэнэ. Сэрии бириэмэтигэр саас 12 саастаах уол чугас алаастааҕы дьонноро хоргуйан, быстан өлөөру сыттахтарына куйуурдаан, балык булан дьоннору олохторун салҕаабыт киһинэн буолар.
1954 с армияҕа ыҥырыллан рядовойунан сулууспалаабыт. «Стрелок» квалификациятын ылбыт. Армияттан кэлэн баран пенсия5а тахсыар дылы 50 – ча сыл тухары сылгыһытынан сопхуос сайдарын туһугар күүһүн харыстаабакка үлэлээн дьон убаастабылын ылыан ылбыт. 1985 сыллаахха оройуон чемпион сылгыһытын аатын сүгэр чиэскэ тиксибит. Кини бэйэтэ миинэр «Быыбарка» диэн атынан табаарыһа Павел Федоровичтыын (Дорбоолуун) ыһыахтарга сүүрдэн бастыыллара.
Аҕабыт балыгынан баай сиргэ, «Хоруулаахха» төрөөбүт буолан удьуор балыксыт этэ. Хоруулаах күөл урукку аата «Чөҥөрө» диэн, наһаа эмис, бөдөҥ соболооҕо. Күн аайы илимнээн, туулаан, куйуурдаан дьонун собонон, мундунан күндүлүүрэ, ону таһынан чааркаанынан, туһаҕынан куобахтыыра, кустуура. Ийэбитиниин Ольгалыын 3 кыыс оҕоломмуттара. Сиэннэрэ, хос сиэннэрэ элбэхтэр.
Аҕабыт 1999 сыллаахха 69 сааһыгар олохтон туораабыта. Биьиги аҕабыт туйа5ын хатарар уол сиэннэр, хос сиэннэр эһээлэрин удьуор ситимин утумнуохтара диэн күүтэбит, эрэнэбит.
 
  Ахтыыны суруйда орто кыыьа Иванова Маргарита Васильевна.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.