Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Иванов Петр Егорович

1946 с. Атырдьах ыйын 13 к. «Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннэх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт.

Биһиги эһээбит Иванов Петр Егорович (Кыһыл Бүөтүр) 1895 сылга II Чочуга төрөөбүт. 1944-1945 сс. от ыйын 18 күнүгэр үлэ фронугар ыҥырыллыбыт. Тиксигэ сылдьыбыт. Тиксиигэ муора судноларыгар Америкаттан кэлэр таһаҕастары тиэйиигэ сылдьыбыт. Кинини кытта бииргэ Бүлүү Баппаҕаайытыттан Шамаев Иннокентий, Чочуттан Петров Прокопий, Бүлүүттэн Иванов Иван Иванович сылдьыбыттар. Бухта – Тиксииттэн борохуот сырыыта ааспытын кэннэ Эдьигээҥҥэ диэри оҥочонон, онтон сатыы дойдулаабыттар.
1944 сылга саас сэриигэ барар аттары борохуотунан Бурятияҕа илдьиспит.Онно куонньугунан үлэлээбит эбит. Онтон ол аттары поеһынан сэриигэ илдьибиттэр. Арҕаа фроҥҥа илдьэн баран, Тула куораттан сэрии сэбин таһыытыгар сылдьыбыт.
1945 сылга ыам ыйын 9 күнүгэр Тула куораттан Москваҕа Кыһыл болуоссакка Кыайыы парадын көрдөрө илдьибиттэр.
1945 сылга дойдутугар балаҕан ыйыгар борохуотунан кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн «Калинин» колхозка үлэлээбит.
Эбээбитиниин Иванова Варвара Гаврильевналыын 4 оҕоломмуттара: Федора Петровна, биһиги аҕабыт Василий Петрович, Иван Петрович, Мария Петровна.
Улахан кыыстара Федора Петровна 2 уол, 1 кыыс оҕоломмут, 6 сиэннээх, 3 хос сиэннээх.
Биһиги аҕабыт Василий Петрович 3 кыыс оҕоломмут, 5 сиэннээх, 4 хос сиэннээх.
Иван Петрович 2 уол, 2 кыыс оҕоломмут, 5 сиэннээх
Мария Петровна 7 кыыс оҕоломмут,

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.