Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Васильев Николай Матвеевич

Васильев Николай Матвеевич кыыhа –
Васильева Розалия Николаевна ахтыыта.

Васильев Николай Матвеевич

Васильев Николай Матвеевич 1926 сыллаахха Yөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэhилиэгэр биэс о5олоох ыалга уhус о5онон төрөөбутэ. Кыhыл аармыйа5а кулун тутар 14 кунугэр кунугэр ынырыллыбыта. Бэс ыйын 25 кунуттэн Забайкальскай фронт контрразведкатын «СМЕРШ» батальонугар сулууспалаабыта.
Мин аҕам Васильев Николай Матвеевич (Батакай уола) 1926 сыллаахха Yөһээ Бүлүү оройуонун Нам нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Степанова (Васильева) Христина, аҕата Васильев Матвей Васильевич биэс оҕолоохторуттан үһүс оҕолоро. 1942 сыллаахха 16 сааһыгар Бүлүү оройуонун военкоматынан ыҥырыллан Дьокуускай куоракка баран икки сыл үөрэнэн, тутууга үлэлээбитэ. Сэрии буола турарын иһин дьоно оҕобутун сэриигэ ыллылар диэн ытыы хаалбыттар. 1944 сыл кулун тутар 14 кунугэр а5абыт Саха республикатын военкоматынан ынырыллан баран бэс ыйын 25 кунугэр «СМЕРШ» контрразведка отдельнай батальонугар сулууспалыы тиийбит. Онно сылдьыбытын туһунан кэргэнэ, биhиги ийэбит, Ноговицына Мария Евсеевна кэпсээбититтэн манныгы өйдөөн хаалбыппын. “Наһаа итии, өлүк бөҕө уонна хаан сыта ынырык куһаҕан сыттаах” диирэ үһү. Уонна биир түгэни өйдүүбүн, оччолорго Японияҕа телевизор баар эбит. Ону аҕабыт этэрэ үһү “дьиэбитигэр олорон киинэ көрөр буолуохпут” диэн. Ол аата телевизоры кэпсиир эбит. Онто биһиэхэ 1975 сыллаахха кэлбитэ. Бастакы сылларыгар ыалга барытыгар баар буотах этэ.
Ийэбитин кытары 1951 сыллаахха тохсунньу 1 кунугэр холбоспуттар. 4 оҕолонон баран отой эдэригэр 31 сааһыгар улаханнык ыалдьан бу күн сириттэн туораабыта. Ийэбит бэйэтэ соҕотоҕун 4 оҕону улаатыннарбыта. Отой хойут Ноговицына Евгения Васильевна туруорсан, архыыптан докумуон булан, бииргэ сулууспалаабыт Михайлов Михаил Алексеевичтан туоһу сурук ылан аҕабытын ветеран Великой отечественной войны гыннарбыта. Ийэбит вдова ветерана ВОВ буолбута.
Билигин биһиги бары бэйэбит эбээ уонна эһээ буолан олоробут. А5абыт Николай Матвеевич 11 сиэннээх, 10-тан тахса хос сиэннээх.
Япония курдук ыраах сиргэ тиийэн сэриилэһэн, тыыннаах кэлэн, эрдэ ыал буолан, оҕолонор дьолу билэн, олох олорон ааспыта. Кылгастык олох олорбут кэмигэр үлэһитинэн да сирдэрбэтэх. Намҥа сельпоҕа атыыһыттаабыт, счетоводтаабыт. Yчүгэй үлэтин иһин оччотооҕу Райпотребсоюз республикатааҕы профсоюһуттан Почетнай грамоталаах этэ уонна сэрииттэн «За победу над Японией» мэтээллээх кэлбитэ. Биһиги кининнэн а5абытынан туттабыт!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.