Аҕабыт туһунан сырдык санаа
Оҕо сааспытыгар атаахтаан, сымнаҕастык иитиллэн, улаатан үлэһит буоларбытыгар, суолбутун өйөөбүт, өйдөөбүт киһинэн аҕабыт буолар.Кини, Колодезников Афанасий Афанасьевич – Охонооччуйа, 1921 сыллаахха олунньу 10 күнүгэр Бүгүйэх диэн сиргэ төрөөбүтэ. Бииргэ төрөөбүттэр бэһиэлэр: Өлөксөөн, Байаа Балбаара, Охонооччуйа, Борокуоппай, Кыра Балбаара. Өлөксөөн сэриигэ сылдьан, билиэн түбэһэн, кэлин кэргэн ылан, биир кыыс, үс уол оҕоломмута, 84 сааһыгар өлбүтэ. Байаа Балбаара Кириэс киһитигэр Балановка кэргэн тахсан, кыыстаах уол оҕоломмута. Борокуоппай сэриигэ баран, баара-суоҕа 19 саастааҕар, 1942 сыллаахха танковай атаакаҕа киирэн баран, сураҕа суох сүппүтэ. Аҕабыт Охонооччуйа ийэбитин кэргэн ылан икки кыыс, икки уол оҕоломмута. Кыра Балбаара ыал буолбакка эдэр сааһыгар өлбүтэ.Бу оҕолор ийэлэрэ эрдэ өлөн, аҕабыт уончалааҕар тулаайах хаалбыттара. Ол кэм диэки эһэбит быраата эмиэ өлбүт. Онон урукку сиэр быһыытынан икки огдообо дьукаах олорбуттар. Уопсайынан, ити кэмҥэ чугас аймахтыылар, биэс ыал биир балаҕаҥҥа дьукаах олорон, бары бииргэ төрөөбүт дьон курдук, бэйэ-бэйэлэрин өйөнсөн улааппыттара. Сүөһүлэрин-сылгыларын, дьиэ ис-тас үлэтин барытын көмөлөөн оҥороллоро, бултаан аһыыллара. Онтон бөдөҥсүтүү кэмигэр, бу аймахтар холбоон 100 төбө сүөһүнү колхуоска диэн биэрбиттэрэ. Сылгытын ахсаанын билбэппит. Онно эбии эһэбит Оруоһун оҕонньор биир мас сухатын эмиэ уопсайга биэрбитэ. Мантан да көстөр, биһиги дьоммут оччотооҕу кэмҥэ хайдах тэринэн-дьаһанан олорбуттара.Аҕабыт 7 кылаас үөрэҕи бүтэрэн, Дьокуускай куоракка киирэн ревизор-булгаахтыр үөрэҕин бүтэрбитэ. Сэрии сылларыгар Халыманан, Булуҥунан балыкка сылдьыбыта. Онно бастыҥ үлэтин иһин распотреб Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланан, Бочуотунай кинигэҕэ киирбитэ.
СВИДЕТЕЛЬСТВО
о занесении в книгу почета
За достигнутые высокие производственные
показатели в социалистическом соревновании
тов. Колодезников Афанасий Афанасьевич
занесен «5» июля 1947 года
в Книгу Почета Якутгосрыбтреста.
Управл. Секретарь Председатель
ЯРРТ партийной ОК Союза
Организации рыбников
диэн ис хоһоонноох, илии баттааһыннаах, икки бэчээттээх сибидиэтэлистибэтэ билигин да дьиэтээҕи альбомҥа угулла сылдьар. Бу – аҕабыт сэрии кэмигэр бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитин туоһулуур. Кини үйэтэ өссө арыый уһаабыта буоллар, тыыл бэтэрээнэ буолуохтаах киһи хааллаҕа.Сэрии кэнниттэн Рыбзаводка кэлэн балыксыттаабыта. Онтон Сырдаабыт холкуоска оробуочайынан үлэлээбитэ. Салгыы респотреб ревизорунан хас да сыл сылдьыбыта. Ортоку кэрдиис кэмҥэ совхозка, балыыһаҕа эмиэ оробуочайдаабыта. Кэнники уонча сыл пенсияҕа тахсыар диэри Томпо оройуонугар страховой агенынан үлэлээбитэ. Анал үөрэхтээх, дьоҥҥо тылын ылыннарымтыа буолан, үлэтин олус сөбүлүүрэ, элбэхтик оччотооҕу куурустарга, мунньахтарга барара. Соҕуруу эмтэнэ-сынньана диэн куруортарга барарын наһаа сөбүлүүрэ, ону элбэх хаартыската туоһулуур.Пенсияҕа тахсан баран, күһүн аайы бэйэтэ оҥорбут муҥхатынан нэһилиэгин дьонун муҥхаҕа таһаарара. Үөрэн-көтөн бэлэмнэнэн аҕай бараллара. Бултуйан, оҕо-дьахтар бары элбэх балыкка тиксэн үөрэр-көтөр тылларыттан олус үөрэрэ, астынан туран кэпсиирэ. Кини ыалдьан кыайбат буолбутун кэннэ, муҥхатын бииргэ иитиллибит быраатыгар Миисээҕэ биэрбитэ. Онон кэлин нэһилиэк муҥхатын Колодезников Дмитрий Александрович тэрийэр буолбута. Ол муҥха сэмсэтэ билигин да баар.Сайын Амма кытылыгар балаакканан олорон күһүн хойукка дылы балыктыыра. Кыралаан бэйэтигэр оттоноро. Наһаа кэпсээннээх, нууччалыы-сахалыы холкутук саҥарар буолан, дьону кытта тапсара. Кинини сынньана кэлэр Хаандыга нууччалара «Амгинский прокурор» диэн хойукка дылы таптаан ааттыыллара. Ол сылдьан нэһилиэккэ биир бастакынан уу мотуордаммыта, онон сылдьан балыктыыра, оттуура, ынах, сылгы ииттэрэ. Ийэбит харчыны үчүгэйдик тутара, онон оччотооҕу кэмҥэ өссө матасыыкыл атыыласпыттара. Аҕабыт уҥуоҕунан төһө да кыра, хатыҥыр буоллар, наһаа күүстээх этэ. Ийэбит кэпсииринэн, оччотооҕу 50 киилэлээх бурдук курууһугар иккилии куулу тэҥинэн сүгэрэ эбитэ үһү. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ, Вихрь-25 мотуорун өрүстэн дьиэтигэр диэри сынньаммакка санныгар сүгэн кэлэрэ, ити аччаабыта икки килэмиэтир буолуо.Аймахтарын туһугар наһаа ыалдьара, кыһанара. Хас сарсыарда аайы чугас олорор дьонугар «Хайа, дьонум бөөлүүн хайдах хоннулар буолла?» диэн, баран көрөн кэлээччи. Оннооҕор олоҕун тиһэх күннэригэр «Мин өллөхпүнэ да, балтыбын Мария Васильевнаны көрө-истэ сылдьаарыҥ, соҕотоҕун икки оҕону иитэр» диэн эппитин, ийэбит Елена Семеновна М.В.Жиркова ыалдьыттыы кэллэҕинэ үөрэ-көтө көрсөөччү уонна куруук илии тутуурдаах ыытааччы. Уопсайынан дьоҥҥо үчүгэйи эрэ баҕарааччы. Элбэх киһи ону-маны сүбэлэтэ кэлэрэ, ону төрүт аккаастааччыта суох.Биһиги аҕабыт саахыматтыырын олус сөбүлүүр этэ. Миигин биэс саастаахпар саахыматтыырга үөрэппитэ. Ол үөрэтэригэр быраатым Леня үс саастаах остуол үрдүгэр көрөн олорооччу. Онон кини үс сааһыттан саахыматтыы үөрэммитэ. Кэлин оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар дьиэбитигэр турнир ыытар этэ. Оҕолор бэйэ-бэйэбитин кытта оонньуурбут. Кыайыылаах аҕабытын кытта киирсэрэ. Ол биһиэхэ улахан наҕараада этэ диэн кыыһа Лидия ахтар.Аҕабыт үлэлиирин, дьиэ тас үлэтин оҥорорун таһынан, өссө унтуу улларар этэ. Нэһилиэк дьоно улларааччы суох буолан, эрэйдэнэллэрин көрөн, Хаандыгаттан анал үөрэхтээх сопуоһунньук аҕалан, дьиэтигэр олордон эрэ үөрэммитэ. Онон элбэх киһиэхэ унтуутун улларан, үгүс махтал тылын истибитэ. Түргэнник уонна хаачыстыбалаахтык оҥороро, соло булбакка, ис сүрэҕиттэн дуоһуйан туран дьарык оҥосторо.Аны оһохчут бэрдэ этэ. Ыалга ыҥырыыга сылдьан, оһох оҥорон биэрээччи. Өлөр дьылыгар, 1984 сыл сайыныгар, кыра күтүөтүгэр Дмитрийгэ, бэйэтэ олорон эрэ ыйан-кэрдэн, маастардаан дьиэбит оһоҕун хаттаан оҥорторбута билигин да турар.Аҕабыт ханнык да үлэттэн толлон турбата. Күһүн аайы хара саһыл өлөрүүтүгэр сопхуос салалтата нэһилиэнньэ дьонун көмөҕө ыҥырара, онно кини эмиэ хас сыл аайы тахсан саһыл сүлүүтүгэр сылдьара.Аҕабыт сиэнэ Саша төрөөбүтүгэр наһаа үөрбүтэ, бүөбэйдэспитэ аххан. Хас күн аайы иккиэн уулуссаҕа тахсан сис туттан баран хаамаллара. Ол иһин буоллаҕа буолуо, Саша хаамара-сиимэрэ, туттара-хаптара эһэтин курдук этэ. Улаатан баран оттуу сырыттаҕына, дьон көрөн үүт-үкчү эһэтин курдук дииллэрэ.Биһиги аймах тумус туттар аҕабыт сырдык аатыгар кылгас да буоллар ахтыы суруйдубут. Аҕабыт бу орто дойдуга төрөөн, айыллыбыт айылгытын ситэри толорон, саҥаҕа-кэрэҕэ тардыстан олордоҕо. Кини үөрэххэ тардыһан, үлэһит буолан, дьон кэккэтигэр сылдьан, дьон сэҥээриитин ылан, сөбүлүүр, таптыыр уонна таптатар киһитин көрсөн, ыал буолан, оҕо төрөтөн, сиэн тапталын билэн бу орто дойдуга олорон аастаҕа. Кини улахан дьиэ-кэргэн амарах аҕата, эйэҕэс эһэтэ, айгыраабат акылаата, туллуҥнаабат тулааһына этэ. Кини аймаҕымсаҕын, бэйэтин тула аймах-билэ дьоннорун түмэр ураты дьоҕурдааҕын, аймах-билэ дьонугар кыһалҕа оҥостон көмөлөһөр үтүө хаачыстыбатын тоһоҕолоон бэлиэтиибит.Ийэбит, Тарабукина Елена Семеновна, аҕабытын кытта олорбут олоҕун кыратык да кэмсиммэтэҕэ. Киниэхэ ананан айыллыбыт курдук сананара. Аҕабыт туһунан үчүгэйи, үтүөнү эрэ кэпсиирэ. Ол да иһин аҕабытын тиһэх күннэригэр тиийэ оҕолуу бүөбэйдээбитэ. Биһиги, оҕолоро, аҕабытын эмиэ сымнаҕастык тутан, сууйан-сотон илиибит үрдүгэр илдьэ сылдьан, тиһэх суолугар атаарбыппыт… Кини 63 сааһыгар ыалдьан, олохтон туораабыта.Аҕабыт оҕолоро, сиэннэрэ хайаан да дьоҥҥо туһалаах үтүө-мааны дьон буоларбытыгар эрэллээҕэ. Онон аҕабыт баҕатын толорон, оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ олоххо миэстэбитин бигэтик булуннубут дии саныыбыт. Ол курдук, аҕабыт олоҕун билигин үс оҕото, уон сиэнэ, алта хос сиэнэ салгыыллар. Онон аҕабыт барыбытыгар сырдык санаа хаалларан бардаҕа.
Бу кини сырдык аатын ханнык эмит өттүнэн үйэтитэн, оҕолорун Валентина, Лидия, Леонид ахтыыларын суруйда кийииттэрэ Колодезникова Зоя Ильинична.// «Сырдаабыппыт –сырдык, сылаас өйдөбүлбүт” (хомуйан оҥордо С.А.Винокурова), -Дьокуускай, 2017 с. 217-220 стр.
Колодезников Афанасий Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.