Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Колодезников Александр Афанасьевич

Өлөксөөн (Эрэйи эҥэринэн тэлии)
Бэһис кылааһы бүтэрэн сырыттахпына, Сырдаабыкка Тотукаай Охонооһой уола Өлөксөөн сэрииттэн эрэй-буруй бөҕөтүн көрсөн, киһи бэрдэ буолан тыыннаах ордон кэлбит, маннааҕы дьон эрэй-муҥ диэн тыллары саҥардахтарына, олох сөбүлүү истибэт киһи буолан эргиллибит үһү диэн, Дабаччыма оҕонньотторо кэпсэтэллэрин истибитим. Онтон ыла 46 сыл ааспытын кэннэ быйыл сайын кэпсэппиппиттэн бу суруйан эрэбин.
Мэҥэ-Алдан үс кыра колхозтарыттан 86 киһи сэрии сылларыгар ыҥырыллыбыттарыттан сүүрбэ сэттэлэрэ дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ. Саамай улахан хомуур 1942 сыллаахха сайын буолбута.Амма төрдүгэр олохтоох икки кыыс, үс уол оҕолордоох Тотукаай Охонооһойдоохтон улахан уоллара Өлөксөөн бэс ыйын 27 күнүгэр, Мэҥэ-Алдантан барыта сүүрбэттэн тахса буолан, Ытык-Күөлгэ ыҥырыллыбыттара.Өлөксөөннөөх Ытык-Күөлгэ комиссияны ааһан, Таатта Төрдүгэр барыта 800-чэкэ, ол иһигэр сүнньүнэн Дьабарыкы Хайаттан уонна Охотскай Перевозтан 80-ча нуучча (оччолорго Хаандыгаҕа колония эрэ баара) мустаннар, борохуотунан Дьокуускайга тиийбиттэрин иккис нүөмэрдээх оскуолаҕа түһэрбиттэрэ. Ол кэмҥэ Өлөксөөн эдьиийигэр Александра Сыромятниковаҕа (Сырдаабыттан Тит Колодезников балта) тиийэн көрсөн, чэйдээн, кэпсэтэн арахсыбыта.Дьокуускайтан борохуотунан, салгыы массыынанан айаннаан Иркутскай аттыгар Мальтаҕа баар байыаннай чааска 8-с тутуу ротатыгар түбэһэн, биирдиитигэр 100 киһи олорор землянка бараактарын тутууга сүүһүнэн сахалары кытта тохсунньуга диэри үлэлээбиттэрэ. Быыстарыгар байыаннай үөрэхтэрэ диэн бинтиэпкэнэн сыал ыталлара.
Ас-үөл мөлтөх буолан аччыктаан, тоҥон-хатан, тымныйан өлүү да баар этэ. Тохсунньуга аҥардарын илин диэки, сорохторун Арҕаа фроҥҥа ыыппыттара.Биһиги кэпсиир киһибит Александр Афанасьевич Колодезниковтааҕы Москванан Смоленскайга тиэрдэн, барыларыгар барааҥка сон, хаатыҥка, бинтиэпкэ, ботуруон биэрэн, халыҥ хаарынан сатыы хаамтаран, инники кирбиигэ киллэрбиттэрэ. Онно обороналанан сытан, уонча хонукка улахан сүтүгэ суох сэриилэспиттэрэ. Онтон Москваҕа төнүннэрэн, эбии байыаннай үөрэтиини барбыттарын кэннэ, олунньу 16 күнүгэр 1943 сыллаахха поеһынан түүҥҥү кэмнэргэ айаннаан, бомбалааһыннары, араас мэһэйдэри мүччү түһэн, хас да суукка айаннаан, Украинаҕа Харьков аттыгар фронт чугаһыгар тиийбиттэрэ. Взводтарыгар соҕотох ручной пулемету Мэҥэ-Алдан уола Власий Колодезников биир нуучча уолунуун, иккис улахан тэриллэрэ станковай пулемету Өлөксөөн Кириэс-Халдьаайыттан тиийбит Иван Севостьяновтыын бадараан, уу үрдүнэн хайырга баайан, сыһаллара-соһоллоро, онтон атыттар бары винтовка сэбилэниилээхтэрэ. Тиһэҕэр Харьковтан чугас Чугуя дэриэбинэ аттыгар тиийэн траншея хастан, дьэ саҥа тэринэн аһаары, сынньанаары оҥостон эрдэхтэринэ, арҕааттан өстөөх уонунан самолеттара соһуччу кэлэн бомбалаан, ууга-уокка киллэрбиттэрэ. Оргуйа турар уоттаах куукуналара хара буорунан тибиллибитэ. Ол да буоллар эрдэ бэлэмнэммит траншеяларга куотаннар, Өлөксөөннөөх роталарыттан биир да киһи өлбөтөҕө, кэккэлэһэ баар роталар элбэх сүтүктэммиттэрэ. Бу Александр Афанасьевичтаах сэриигэ бастакы сүрэхтэниилэрэ этэ. Дьэ ити күнтэн саҕаламмыта, Харьков куорат иһигэр-таһыгар элбэх хаан тохтуулаах, икки өттүлэриттэн өлүүлээх-сүтүүлээх кырыктаах кыргыһыы. Хаарыан куорат мааны бэйэлээх таас дьиэлэрэ ынырык бомбалааһынтан урусхалламмыттара. Кулун тутар саҥатыгар этэ, Харьков куорат иһигэр сэрии кэмигэр, кыра тохтобулларга дьахталлар, эмээхситтэр баһаарга атыыһыттыы тахсалларын саха дьоно сүрдээҕин сөҕө көрбүттэрэ. Ол кэмҥэ хас да самолет кэлэн бомбаны тамныы сырыттахтарына, Өлөксөөн станковай пулеметунан хас да уочараты биэрбитигэр, биир самолет умайбытынан сууллубута, лётчига ыстамматаҕа. Онуоха атыыһыттыы турар дьахталлар «ураа» хаһыытаспыттара. Аһыыр-сиир кыһалҕата дьахталлары кытаанах да сүрэхтиир эбит этэ. «Оччотооҕу сахалар үксүлэрэ нууччалыы кэпсэтии тылын өйдөөбөт этилэрэ. Онуоха Харьковка диэри Мэҥэ-Алдан киһитэ Пантелеймон Романович Хоноехов эҥкилэ суох тылбаасчыт, үтүө доҕорбут, отделениебыт командирын үтүөтэ-өҥөтө, билигин санаатахха, олус улахан эбит», – диир Өлөксөөн.Харьковы босхолоон ааһа барыы кэмигэр Өлөксөөн били хаатыҥкалаах атахтара ибили сытыйан, тириитэ бааһыран, кулун тутар 16 күнүгэр санчааска эмтэнэ киирбитэ.
Ити кэмҥэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэһэн, онно баар сэрии дьонун үксүлэрэ билиэҥҥэ түбэспиттэрэ, сорохтор тоҕо көтөн куоппуттар. Кулун тутар 20 күнүгэр санчаастан немец офицера тутан таһааран, кинилэри: Мэҥэ-Алдантан Петр Николаевы, Власий Колодезниковы уо.д.а. уонча саханы сэттэ күн немецтэр остолобуойдарыгар мас эрбээччи, хайытааччы, уот оттооччу оҥостубуттара. Онтон кулун тутар 27 күнүттэн Харьков куорат былыргы түрмэтигэр тиэрдибиттэрэ, онно Саха сирин араас оройуоннарыттан элбэх саха, кинилэр истэригэр Кириэс-Халдьаайыттан Иван Севостьянов, Константин Мекюрдянов, Бравин бааллара. Быстар мөлтөх аһылыктаах билиэннэйдэри күннэтэ үүрэн-түрүйэн таһааран араас ыарахан үлэлэргэ: курууска, суол оҥоһуутугар, ханааба хаһыытыгар уһуннук үлэлэтэллэрэ. Кыра да хойутааһыҥҥа, бытаарыыга, ордук киэһээҥи ньэҥньииргэ туох эмэ аһы-эҥин буллахтарына, кырыктаахтык кырбааннар хаанынан силлэтэллэрэ. Итинник үүрүллэн үлэлии сылдьан, маҥхааһай аттыгар сиргэ тохтубут бурдугу булан сиэһин кэнниттэн, Өлөксөөн Власий Колодезниковтыын нөҥүө күнүгэр оронтон кыайан турбат гына ыалдьыбыттара. Балыыһаҕа барбах таблетканан эмтэнэн сыыйа үтүөрбүттэрэ. Ол эмтэниигэ Өлөксөөн бастакы күннэргэ кыайан сиэбэтэх өлүү килиэбин санитаркалыыр украинка эмээхсин суухаралаан, бэйэтигэр төттөрү биэрбитэ. «Ол мин тыыннаах хааларбар көмөлөспүт буолуохтаах»,- диир Өлөксөөн.Эмтэнии кэнниттэн лааҕырдарыгар кэлэн эмиэ үүрүллэн-түүрүллэн үлэлээбитинэн барбыттара. Сорох күннэргэ сүүһүнэн ахсааннаах сытыйан эрэр сэрии, хаайыы дьоннорун өлүктэрин биир ииҥҥэ көмнөрөллөрө, күнтэн күн араас үлэ көстөн иэһэрэ.Сотору Советскай Армия кимэн киириититтэн немецтэр тыһыынчанан байыаннай билиэннэйдэри бэйэлэрин кытта чугутан, араас куораттар түрмэлэрин кэритэн, тиһэҕэр ырбыт, дьүдэйбит, ахсаан өттүнэн аҕыйаабыт дьону Арҕаа Германияҕа Санданхайм диэн хаайыытыгар тутан, сылга чугаһыыр цемент заводугар үлэлэппиттэрэ.Кинилэри кэлин, сэрии бүппүтүн кэннэ, американскай сэриилэр босхолообуттара. Дьэ, онтон саҕаламмыта, билиэннэйдэр элбэх төгүл анкеталары, быһаарыылары суруйуулара, хос-хос мэҥэһик доппуруостааһыннары ааһыылара. Бу уорбалааһыннаах ыйытыылар эрэйи эҥэринэн тэлбит, муҥу муннуларынан тыырбыт тустаахтарга ыарахан этэ да, хайыахтарай. Ити курдук бутуллан, икки ый ааһыыта, атырдьах ыйыттан билиэннэйдэри барыларын Илиҥҥи фроҥҥа ыыппыттара. Ол истэхтэринэ, Украинаҕа кэлиилэригэр, Японияны кытта сэрии бүппүтэ. Саллааттары барыларын сүнньүнэн икки аҥы хайысханан: Донбасс шахтатыгар уонна тутууга үлэҕэ аныыллар. Өлөксөөн биир сыл тутууга үлэлээн, уоппуска ылан, дойдутугар барбыта. Кыра харчыта бүтэн, аара тохтоон үлэлии-үлэлии, умнаһыкка маарынныыр киһи, барыта аҕыс ый айаннаан, бүтүн Россия устатын сорҕотун поеһынан, аҥарын атаҕынан айаннаан, төрөөбүт-үөскээбит Сырдаабытыгар 1947 сыл муус устар 23 күнүгэр эргиллэн кэлбитэ. Бу кини киһи буолан орто дойдуга 79 сыл олорбут кэмнэриттэн, биир саамай үөрүүлээх күнэ этэ. «Ити кэнниттэн Мэҥэ-Хаҥаласка байыаннай учуокка туруу, Ытык-Күөлгэ үс сууккаҕа аһаппакка доппуруостааһын – туһугар кыһалҕалаах кыһарыйыылар этэ да, кырдьык син кыайан, анараа алдьархай ааҥнаабыт арҕаа дойдутугар холоотоххо, айыы сирин күннээҕи кыһалҕата этэ»,- диэн ахтар Өлөксөөн.Александр Афанасьевич Колодезников Мэҥэ-Адаҥҥа бэйэтин кэмигэр дьоҥҥо-сэргэҕэ туһалаахтык, уопсай дьыала иннэ диэн бэриниилээхтик олорбут, үлэлээбит дьоннортон биирдэстэрэ. Ол курдук, уруккута «Сырдаабыт» колхозка алта-сэттэ сыл биригэдьииринэн, нэһилиэккэ сельсовет секретарынан, кылгастык Сэбиэт председателинэн, кэлин пенсияҕа тахсыар диэри уонна пенсиялаах да сылдьан кадровай булчутунан, билигин да любитель-булчутунан сыралаахтык үлэлииринэн киэн туттуон сөп.Эрэйи-муҥу этэҥҥэ ааспыт Александр Афанасьевич тус олоҕор 4 оҕо аҕата, 19 оҕо эһэтэ, арыгыны испэт, табаҕы тардыбат чэбдик олох пропагандиһа.
П.Р.Дарбасов, «Кыһыл знамя», 26.08.1992.//«Сырдаабыппыт –сырдык, сылаас өйдөбүлбүт” (хомуйан оҥордо С.А.Винокурова), -Дьокуускай, 2017 с., 17-20 стр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.