Дьылҕа хаан ыйааҕынан…
1941-45 сылларга саллаат сиэрэй синиэлин кэтэн, Ийэ дойдуну көмүскүүр инниттэн, төрөөбүт сирдэриттэн тэлэһийэн, олохторун толук уурары да харыстаабатах дьон биһиги Мэҥэ-Алдаммытыгар эмиэ бааллара.Биир дьиэттэн хастыы да киһи барар түгэннэрэ эмиэ баара. Ол курдук бииргэ төрөөбүт Александр Афанасьевич уонна Прокопий Афанасьевич Колодезниковтар утуу-субуу Армияҕа ыҥырыллыбыттара. Убайа Өлөксөөн – Колодезников Александр Афанасьевич 1942 сыллаахха «Сырдаабыт» колхозка үлэлии сылдьан, от ыйын 7 күнүгэр армияҕа ыҥырыллан, сэриилэһэн, икки сыл билиэҥҥэ түбэһэн, онтон босхолонон, кырдьыгын таһаарыммыт байыас буолар.Бу кэнниттэн 20 эрэ хонугунан быысаһан, аны от ыйын 27 күнүгэр быраата Борокуопай армияҕа ыҥырыллар.Колодезников Прокопий Афанасьевич 1923 сыллаахха Бүгүйэххэ төрөөбүт. Баара-суоҕа 19 саастааҕар армияҕа барар бэбиэскэ туппут. Онно тиийэн танковай оскуолаҕа үөрэммит. Дьонугар «Иккистээн сэриигэ киирдим» диэн суругун кэнниттэн туох да биллибэтэх.
Ол туһунан «Память» диэн 1992 сыллаахха тахсыбыт кинигэҕэ 195-с сирэйигэр манныгы ааҕабыт: «Колодезников Прокопий Афанасьевич, рядовой, 1923 года рождения, с.Мегино-Алдан, Томпонский район, якут, безпартийный, призван Чурапчинским РВК, погиб 03.44. место захоронения не установлено».Бу кэннэ Борокуопай туһунан туох да сурук-бичик хаалбатах, онон бииргэ үөскээбит аймаҕыттан, 89 саастаах Атакова Марфа Егоровнаттан ыйыталастым. «Борокуопайы кытта Бүгүйэххэ бииргэ үөскээбиппит. Дьиэбит кэккэлэһэ турара, онон аймахтыы буолан, биир дьиэ-кэргэн курдук улааппыппыт. Кини оскуолаҕа үөрэммитэ, үөрэҕэр үчүгэй этэ. Холкуос араас үлэтигэр сылдьыбыта. Сүрдээх үлэһит киһи, тугу барытын кыайара. Наһаа сымнаҕас майгылааҕа, сүрдээх кэпсэтинньэҥ, үөрүнньэҥ оҕо этэ. Убайдарын кытта армияҕа барбыта. Кыһын этэ, сураҕа суох сүппүтүн истэн ытаспыппыт».
Аны оччолорго 15 саастаах, билигин сэрии ветерана, 88 саастаах Колодезников Роман Афанасьевич ахтыытын истиэҕиҥ. «Колодезников Тит Харлампьевич, Колодезников Егор Иванович, Атаакаптар, Борокуопай дьоно Тотукаайдар – бары бииргэ Бүгүйэххэ олорбуппут. Онтон холбоһуктааһын буолбутугар, Борокуопайдаах 1938 сыллаахха Сырдаабыкка көһөн кэлбиттэрэ. Аҕата Колодезников Афанасий Иванович – Оруоһун кэлбит-барбыт сытыы киһи этэ, ийэтин көрбөтөҕүм, онон Борокуопай кыратыгар өлбүт буолуон сөп.Армияҕа ыҥырыы сурук кэлбитигэр, атаарыы киэһэтэ буолбута. Улахан оҕолор бары мустан, киэһэни быһа оонньообуттарын өйдүүбүн. Үксүн атах оонньуутун оонньууллара, дьиэ таһыгар сүүрүү-көтүү бөҕө буолара. Биһиги оҕолор эккирэтэ сылдьарбыт, кинилэр оҥороллорун сатаабат этибит. Саһылтан көһөрөн аҕалбыт холкуос ыскылаатын көҥдөйө турара, муостата эрэ суоҕа. Ону баалкыттан баалкаҕа ыстана оонньообуттарын бу баар курдук саныыбын. Биһиги эмиэ көтүөкэлэһэрбит да, тиийбэт этибит. Уһун, хатыҥыр, бэйэтин кыанар, турбут-олорбут эдэр уол этэ. Ол курдук бэстилиэнэйдэригэр түүннэри оонньоон бараллара.
Сарсыарда атаарбыттара. Улаханнык маккыраан ытаспаттар этэ да, бары харах уулаах атаараллара. Сатыы барбыттара». Ол курдук ким-ким хайдах айаннаан, тугу-тугу саныы испитэ буолла.Убайа Өлөксөөн өлүөн хас да сыл иннинэ улахан хоско Борокуопай портрета ыйанан турарын көрөн үөрбүтэ. Улахан уолбун көрөн «Бу уол Борокуопай курдук эбит дии!» диэн эбиитин астыммыта.Улахан уолум Афоня кыра эрдэҕинэ аска сириксэн этэ уонна бэйэтин аһын хайаан да атыны кытта атастаһыннарара. Оннук биир түгэҥҥэ Дьөгүөр Атаакап ыалдьыттыы олороро уонна: «Аата киһи батар да эбит! Оппуочук дьүһүнэ эрэ үүт-үкчү буолбатах, мыынньыта кытта үүт-үкчү эбит! Былыр Борокуопай оҕо сылдьан, аһын мыынан, бууннаан олордоҕуна, аҕата кыыһыран бэйэтэ ылан сиэн кэбиһэрэ, оччоҕо аччык хоноро»,- дии-дии дэлби күлбүттээҕэ уонна кэллэҕин аайы дьээбэлиир буолбута.
Бу курдук кыра да буоллар, оҕолорум абаҕаларын, Колодезников Прокопий Афанасьевич, олоҕун ыйыталаһан, бу баардыы көрөммүн астынным. Баара суоҕа 19 эрэ саастааҕар сэриигэ ыҥырыллан, 1 сыл 8 ый устата төрөөбүт-үөскээбит сириттэн тэлэһийэн, танка курдук модун күүстээх техниканы баһылаан, уоттаах сэриигэ сылдьан, Ийэ дойдута чэчирии сайдарын туһугар хабыр хапсыһыыга киирсэн, хаарыан олоҕун толук биэрбитэ, дьылҕа хаан ыйааҕынан көмүс ньээкэ төрүт буоругар эргиллибэтэҕэ. Сэриигэ саллаат олоҕор романтика кэлиэ дуо? Күн тура-тура күүстээх үлэ, көһүнэн сирдэри сүгэһэрдээх хаамыы, окуопа хастыы, аһаҕас халлаан анныгар хонуу, кэтэнии-сэппэнии… Инчэҕэй эттээх тулуйбат танковай атааката, тохтоло суох снаряд эстэрэ, өстөөх самолетун атааката, тохтоло суох ыйылас буулдьа, алҕас уһаты-туора хаамтыҥ да – өлүү.Онон Борокуопай хайдах айаннаабытын, хайдах сэриилэспитин, тугу санаабытын бэйэтэ эрэ биллэҕэ…
Колодезникова Зоя Ильинична, Мэҥэ-Алдан, 2015 сыл.//«Сырдаабыппыт – сырдык, сылаас өйдөбүлбүт” (хомуйан оҥордо С.А.Винокурова), -Дьокуускай, 2017 с., 103-104 стр.
Колодезников Прокопий Афанасьевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.