Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Васильев Николай Матвеевич

Васильев Николай Матвеевич бииргэ сулууспалаабыт табаарыhын
Максимов Михаил Алексеевич ахтыыта.

Васильев Николай Матвеевич

Биһиги Бүлүү оройуонун уолаттара уонна кыргыттара Дьокуускай куоракка 1942 сыллаахха Ф-30 диэн үөрэххэ, атыннык эттэххэ араас тутуу үөрэҕэр үөрэнэн баран Дьокуускай тутуутун тэрилтэтигэр үлэлээбиппит. Онтон 1942 сыл кулун тутар ыйга биһигини армияҕа ылбыттара. Бу барыта Yөһээ Бүлүүттэн 87 буолан барбыппыт. Биһигини Даурия диэн байыаннай чааска илдьэн карантиҥҥа сытыаран баран Забайкальскай военнай округ 220 дивизияҕа, 619 строевой полкаҕа 3 батальоҥҥа түбэспиппит. Мин 8 ротаҕа Кардашевскай Василийы кытта, Николай 7 ротаҕа, Николаев Гаврил Капитонович, Томскай Терентий Васильевич уонна Пахомов Иннокентий Ньурба олохтооҕо буолан түбэспиттэрэ.
1945 сыл от ыйын саҥатын эргин военнай балаһыанньаҕа туруоран илдьэ барбыттара.
Аара үөрэтэ үөрэтэ Аргун диэн өрүскэ чугаһаабыппыт кэннэ сэриигэ баран иһэбит диэн, японецтар хайдах кыахтаахтарын, туох сэбинэн үчүгэйдик баһылаабыттарын арааһы бары үөрэтэллэрэ. Атырдьах ыйын 9 түүнүгэр биһигини Аргун өрүс чугаһыгар хайа кэтэҕэр туох да ото маһа суох сиргэ түүн аҕалтара. Сарсыарда 9 чааска тов. Молотов Япония сэриини биллэрдэҕинэ, оччоҕо биһиги Аргун өрүһү туоруохтаахпыт. Биһиэхэ улахан сэрэтии баар этэ. Япониялар сүгүн границаны туоратыахтара суоҕа диэн. Хата биһиги дьолбутугар биһиги пограничниктарбыт уонна разведчиктарбыт кинилэр заставаларын ылбыттар этэ. Онон бу Васильев Николай Аргуну туораан, Кингаан хайатын чиэрэстээн Харбин, Чан-Чун куоракка тиийэн бэрээдэги олохтооһуҥҥа сулууспаласпыта. Ити кэннэ биһигини онно манна урут-хойут Россияҕа ыытан, чааспытын уларытан испиттэрэ.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.