Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Стручков Илья Николаевич

«Тыыл ветерана» (1948с.), «Кыайыы 30 сыла», «Кыайыы 40 сыла», «Кыайыы 50 сыла» юбилейнай мэтээллэр.
Дьааҥы улууһун Табалаах учаастагар төрөөбүтэ. Икки оҕоттон улаханнара. Балта Варялыын улахан эрэйинэн-кыһалҕанан иитиллибиттэрэ.Кыра эрдэхтэриттэн сүөһүгэ, окко-маска үлэлээн улааппыттара.Сэттэтигэр оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ, сэттэ кылааһы бүтэрбитэ. Учуутала Романова олус истиҥник ахтан кэпсиирэ.Салгыы ветеринар идэтигэр үөрэммитэ. Ветеринардыыр кэмигэр босхо ыттары өлөрөн иһээччи.Мин киниэхэ 19 саастаахпар кэргэн тахсан, биэс оҕону төрөппүтүм. Бастакы оҕом кыратыгар өлбүтэ.Кэргэним киномеханик үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан, тыҥатынан улаханнык тымныйан, ыарахан операцияны барбыта: алта ойоҕоһун ылбыттара.Кэлин ол үөрэҕин салҕаан бүтэрбитэ.Хайа да үөрэҕэр наар хайҕалга сылдьара. Верхоянскай куоракка үөрэппит учуутала Слепцов Николай Иннокентьевич кэлин улахан кыыһын үөрэтэ сылдьан: “Учууталлаабытым устата кини курдук аккуратнай, бэрээдэктээх оҕону үөрэппэтэҕим”, – диэн үчүгэйинэн ахтара. Ити үлэтинэн сүөһүгэ балайда үлэлээбитэ.Үлэһит быһыытынан көнөтүнэн, кэмигэр толорон иһэринэн сөбүлэтэрэ. Кэлин хонтуораҕа суоччутунан, ыстаадаҕа чуумсугунан үлэлээбитэ. Ыстааданы сөбүлээччи: киинэ илдьэн көрдөрөрө, агитационнай үлэни хаартысканан сырдатан күүскэ ыытара.Кинигэни, хаһыаты, сурунаалы ааҕарын сөбүлүүрэ. Элбэх сэһэннээх-сэппэннээх буолааччы. Сэһэргэһэригэр кырдьаҕаһы кытта кырдьаҕас, эдэри кытта эдэр буолааччы. Иллэҥ кэмигэр хаартыска түһэриитинэн дьарыктанааччы, сайын кыра будка оҥостон күн уотунан кытта бэчээттээччи.Хаартысканы дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка түһэрээччи. Бултуурун сөбүлүүрэ. Булка бардаҕына наар илии тутуурдаах кэлээччи.Кини түөр оҕотун атахтарыгар туруоран, икки кыыһын үөрэттэрэн (саха тылын учууталлара, иккиэн үөрэх туйгуннара), икки уолун сулууспалатан, 44 ыал буолан олорон, 11 сиэни көрөн, сааһыгар ыараханнык ыалдьан өлбүтэ.
Кэргэнэ Стручкова Матрена Васильевна ахтыыта, 2006 сыл. Табалаах, Дьааҥы оройуона

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.