А5а Дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ “Үлэҕэ килбиэнин иһин” мэдээлинэн наҕараадаламмыта.
Анна Кирилловна ахтыытыттан быһа тардан:
“Биһиги олорор сирбитигэр сэрии туһунан хойутаан иһиллибитэ. Сокуон кытаанах буолан мээнэ кэпсээн суоҕа… Сэрии кэмигэр харгыйыы, аччыктааһын баара. Куобах, балык баар буолан дьон өлбөтөҕө. Дьон наһаа иллээх, түмсүүлээх этэ. Биһиги холкуоспут Киров диэн этэт. Бэрэссэдээтэл – Чириков Семен Данилович. Фроҥҥа бэргэһэ, кээнчэ, үтүлүк куобах тириититтэн тигэн ыытарбыт. Сайылыкпыт уҥуоргу сыһыыта Бүөр диэн төп төгүрүк күөллээх сир этэ. Эһэ-хайа хаайыытыттан күрүөйэхтэр кэлэн ааһаллара, онтон наһаа куттанарбыт.
СЧэрии кэмигэр ас-таҥас суоҕа. таба ынах тириитин оҕолор талкыга имитэрбит, онон сутуруо, этэрбэс, муоһуна тигэллэрэ. Сайын оттуурбут, окко нуорма – алта он суотай. Мас кэрдэн уон оҕус сыарҕатын тиэйэн аҕаллаххына, биир көлөһүн күнэ ааҕыллара. Адыаччыга үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитим… ”
1946 сыллаахха Семен васильевичтыын ыал буолан, уон биир оҕону төрөтөн олох дьолун билбиттэрэ.
Слепцова Анна Кирилловна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.