Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Сыбыров Петр Иванович

Награжден медалью “За Отвагу” в 1941 году,
на трудовом фронте в Читинской области с 1941 по 1947 год.

Сыбыров Петр Иванович (эhэм)

1894 сыллахха тɵрɵɵбүт, кини тоҕо эрэ Сыбыров Иван диэн оҕото суох ыалга иитиллибит. Колхозка илии үлэтигэр үлэлээбит. Ƴчүгэй от охсооччу эбит. Күүстээх оҕонньор үhү, соччо саҥата суох, кɵнɵ баҕайы майгылаах эбит. Кыhын Ѳлүɵхүмэттэн таhаҕас таhыытыгар сылдьар эбит. Суолугар утары таhаҕастаах ат иhэр буоллаҕына олох туораабат этэ диэн Николай (Хороохуйа) кэпсээбитэ, ол аата эдэр уолаттарга туораабат эбит, бэйэтин күүhүгэр эрэнэр, ардыгар таhаҕастаах сыарҕата иҥнэри бардаҕына бэйэтэ кɵтɵҕɵн ылан кɵннɵрɵрɵ үhү.

Кэргэнэ Сыбырова Александра Ивановна диэн Күндэйэттэн тɵрүттээх кыра хатыҥыр эмээхсин этэ. Кини 14 оҕоттон соҕотох хаалбыт (Буччугунуур) кыыhа дииллэр этэ.

Эбэм эhээбинээн Толстойга Дьэбсиэй марата диэн сиргэ мара үрдүгэр алааска олорбуттар, икки уол биир кыыс оҕоломмуттар, улаханнара Егор (мин аҕам, кыра уоллара кыратыгар ɵлбүт үhү) уонна эдьийим Маайа.

Эhээбин 1941 сыллаахха сэриигэ иҥырбыттар (сааhырбыт киhини), Читаҕа завод тутуутугар сылдьыбыт трудовой фроҥҥа, онтон Томскайга сулууспалаабыт. Суруксут киhини булан 1946 сыллаахха атырдьах ыйыгар дьонугар сурук ыыппыт эбит, ол суругар «Условия кытаанах» диэн суруттарбыт. Суругун тутан баран аҕам аах байыаннай чааhыгар запрос ыыппыттар, дьэ онно эрэ байыаннай чааhыыттан 1946 сыллаахха бэс ыйыгар ыыппыттар, «За отвагу» диэн мэдээллэх кэлбит. (Аҕам кэпсииринэн «Манна ойохтонон хаал» дииллэр эбит, запрос ыыппатахтара буоллар онно хаалыа эбит.). Ѳлүɵхүмэттэн Сунтаарга сатыы быhа кэлбитэ үhү. Итиччэ ыраах сиртэн ыйы быhа сатыы кэлбит курдук Томскайтан, дэлэ дойдутун ахтыбыта буолуо дуо. Ѳссɵ Томскай кэнниттэн Алдаҥҥа дуу ханна дуу кɵмүс хостооhунугар сылдьыбыт курдук, Сахатын сиригэр чугаhыы сатаабыта буолуо.

Эhэм биhигини мɵхпɵт этэ, кыра этибит. Сэрии кэнниттэн кэлэн баран         5–6 сыл буолан баран ас барбат буолан ɵлбүтэ, ол сайын мамабынаан бырааппын кытта Володялыын Якутскайга баар этибит. Эhэбит биhигини параходунан Якутскайга барарбытыгар ыраахха дылы атаарбыта, кɵстүбэт буолуохпутугар дылы далбаатыы хаалбыта, ɵлɵрүн билбит эбит.

Сыбыровтарга иитиллибитин Андреевтар ийэлэрэ (сүүhүн ааспыт Маайа  Титовна – кийиитэ) кэпсээбитэ, аҕам олох кэпсээбэт этэ. Ѳлбүтүгэр эдьийэ Фекла баар этэ дииллэр. Эhэбит эдэр эрдэҕинэ оттуу сылдьан кыргыттар тустарынан дьээбэни ыллыыр этэ дииллэр, ол аата ырыаhыт дуу тойуксут дуу эбит. Эhэм курдук быhыылаах хос сиэнэ Васильев Петя баар, хаамардыын атылыы, тиэрэ соҕус уктээн хаамар этэ. Хаартыскаттан кɵрдɵххɵ сырдык сэбэрэлээх, уhун субурхай муруннаах, сɵп уостаах, киэҥ соҕус харахтаах, улахан кэтит оҕонньор эбит.

Сыыбыр үүтээнэ диэн булчуттар үүтээннэрэ баар үhү, үhүйээн кэпсээнинэн. Былыр онно оҕонньордоох эмээхсин олорбуттар, кыыстаахтара үhү. Эhэм эдэр сылдьан ол кыыhы таптаабыт курдук, кырасыабай баҕайы үhү. Ол кыыс ыалдьан ɵлбүтэ үhү, Оҕонньор ол иhин онно үүтээн туттубут, аҕам онно тахсан бултуур этэ.

Аҕынна уонна суруйда маннайгы  сиэнэ Елизавета Егоровна Копылова 2011 сыл Сунтаар сэлиэнньэтэ.

Петр Иванович Томскайтан дьонугар суруйбут суруга:

Цыброва Александра Ивановна дорообо уонна Марья!

Сонун суох. Сылдьыы эмиэ үчүгэй. Хаһан да кэлэрим-барарым биллибэт. Бу дойдуга завод оҥоһуутугар үлэлиибин. Биһиги үлэлиир сирбититтэн киһи барбат. Кэлбитим туххары эһигиттэн биир да суругу тута иликпин. Өлбүккүтүн да тыыннааххытын да билбэппин. Бу дойдуга цена ынырык. Хара килиэп киилэтэ 11-20 солкуобай, үүт литирэтэ 10-12 солкуобай, картофель ведрота 30-35 солкуобай, эт 35-70 солкуобай, арыы 140-170 солкуобай, табах стакана 6-7 солкуобай, таҥас эмиэ ити курдук ыарахан. Мин оҕом Егор кэлбит буоллаҕына биллэриҥ. Биитэр кэлбэтэҕин биллэриҥ. Читаҕа үчүгэйдик сылдьан кэлбитим, бу дойдуга условията кытаанах. Сайын Читаттан бэс ыйын 10 күнүгэр кэлбитим. Томскайга үүнээйи үчүгэй. Биһи колхозтан тоһо киһи төнүннэ? Сурукта суруйуҥ бэрт элбэх солуннаах. …. “Атын районнарга үүнээйи үчүгэй” диэн суруй. Ылаллар дьон. Дьон дойдуларыттан ыйга …. (салҕыыты суох)

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.