Биһиги киэн туттар, ахтар-саныыр, таптыыр эбээбит Ольга Петровна Посельская Чурапчы улууһун бочуоттаах гражданина, үлэ-тыыл бэтэрээнэ, Улуу Кыайыы юбилейнай медальлар кавалердара. Кини 1941 сыллаахха Дьокуускайдаа5ы тыа хаьаайыстыбатын студенката сэриигэ барбыт эр дьону солбуйа суоппар идэтигэр уерэнэн бутэрэн тереебут Чурапчытыгар суоппарынан улэлээбитэ. Бастакы со5отох дьахтар – суоппар. Улэтэ диэн уксугэр Бэстээхтэн геруучэй, уматык тастараллара, ону суурбэччэ эрэ саастаах кыыс со5ото5ун керен харайан, со5ото5ун тиэнэн улэ диэн умсул5атыгар тубэьэрэ. Онон улэтэ буппэт, этэннэ буолла5ына Чурапчыга тиийэн баран колхозтары кэрийэ сылдьан, бааьыналарга трактористарга тиэрдэр.Кыьынын нефтебаза Даркылаахха баара, онтон таьара. Соро5ор массыына запчааьын таьара, сарсыарда эрдэттэн уочараттаан туох да кемете суох со5отох тиэнэн дойдутугар ыксалынан айанныыра. еребулэ, сынньалана суох тиргиэн улэ уеьугэр эриллэн эдэр сааьа ааьар. Суолга туох араас эрэйи керсубутун билбэккэ барыта Кыайыы туьугар, Кенул олох туьугар! Ол курдук 30 сыл улэлээн биэнсийэ5э тахсыбыта. Биьиги киэн туттар киьибит Эбээ Уойкабыт.
Посельская Ольга Петровна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.